Өлүөнэ өрүс алын кирбиитэ Хаҥалас улууһугар үктэннэ
Главное
-
29 ноября в 00:56График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 29 ноября
-
29 ноября в 00:33Прогноз погоды в Якутске на 29 ноября
-
28 ноября в 15:05Трудовая адаптация. В исправительной колонии Якутска запустили производство школьных парт
-
28 ноября в 14:25Рожденные в День матери. В Якутске прошла торжественная выписка 16 малышей
Исписэлиистэр көмүөл мууһун устуутун түүннэри - күнүстэри кэтиир камераны туруораллар. Устар тэрил бастаан Кангалаас тумуһугар туруоҕа, онтон 10 тахса килэмиэтир тэйитиэхтэрэ. Оччоҕо Дьокуускай эргини эрэ буолбакка Эбэ Нам улууһугар баар арыыларын эмиэ көрөр кыах баар буолуо. Өлүөнэтээҕи уу салалтата маннык онлайн кэтэбили оҥорбута номнуо уонтан тахса сыл буолла.
Устар тэрил өрүс барыытын эрэ кэтиир соруктаах буолбатах, маны сэргэ саас ыытыллар хараардыы уонна эрбээһин төһө туһалааҕын кэтииргэ улахан көмө буолар. Ол харааран көстөр, номнуо ууламмыт сир халааны утары үлэ барбытын туоһута. Сыллата өрүс сүнньэ уларыйар, онон кэтээн көрүү ыытыллара тоҕоостоох. Онтон Өлүөнэ өрүс Кангалаас тумуһун аннынан устар ураты көстүүтүн Саха сирин олохтоохторо быһа сибээскэ көрүөхтэрэ.
Варвара Максимова, Өлүөнэтээҕи уу салалтатын уу хаһаайыстыбатын салаатын салайааччы: «Көмүөл мууһа Дьокуускай Нам икки ардытынан хаһан ааһыаҕай дылы олороллор. Каналбытыгар уу хаһаайыстыбатын боппуруоһун барытын кэпсии, суруйа туруохпут».
Маны сэргэ гидрологтар Өлүөнэ өрүс эстиитин туругун үөһэттэн устуунан эмиэ кэтээн көрөллөр. Бу көмүөл кэмигэр ханан харыы үөскээбитин көрөргө көдьүүстээҕин көрдөрбүт ньыма. Онтон халҕаһа муустар усталларын бу турар дьоҕус камера көрөөччүгэ тириэрдиэ. Маныаха анаан туһааннаах исписэлиистэр өрүс барыар диэри хоног сытан устуохтара.
Петр Аргунов, Өлүөнэтээҕи уу салалтатын салайааччы: «Көмүөл мууһа устара олус интириэһинэй. Куорат аннытыгар уонна бу тумус аннытыгар муус хайдах устарын көрөргүтүгэр интернет ситимигэр sakha.gov.ru сайтка уонна Өлүөнэтээҕи уу салалтатын сайтыгар киирэн көрүҥ».
Дьокуускайдааҕы гидрометсулууспа иһитиннэрэринэн, бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар сылаас күн-дьыл туруо. Бу өрүс эстиитигэр дьайыыта улахан, биллэн турар, маннык күннэргэ уу таһыма үрдүүр.