"Дьиэ кэргэн" национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сирин Педиатрическай киинэ саҥа оборудованиенан хааччылынна

20

Лена Бушкова - педиатрическай киин реанимацияҕа салаатын анестезист медсиэстэрэтинэн үлэлэбитэ 17 сыл буолла. Уопуттаах медик көмөҕө наадыйар кыра пациеннары көрөр-истэр тутаах киһи. Бу кыһыл оҕолорго, чуолаан итэҕэс төрөөбүттэргэ анамыт саҥа кэлбит реанимационнай остуол. Манна кырачаан киһи туругун хонтуруоллуурга, эмтииргэ бары усулуобуйа баар. 

Лена Бушкова, СӨ национальнай медицинскэй киинин педиатрическай киинин реанимацияҕа салаатын анестезист медсиэстэрэтэ: «Температураны тутар, фитолампалаах. Барыта экраҥҥа көстөр».

"Дьиэ кэргэн" национальнай бырайыак чэрчититинэн мэдиссиинэ национальнай киинин педиатрическай киинин хааччыллыыта саҥардыллар. Киин сүрүн салааларыгар саҥа тиэхиньикэ, оборудование кэлэн номнуо үлэлии турар.

Ольга Ядреева, СӨ национальнай медицинскэй киинин педиатрическай киинин дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу: «Бүгүҥҥү күҥҥэ 148 единица тиэхиньикэ кэлбититтэн, барыта педиатрия киинин сүрүн салааларыгар туруоруллан, дьон доруобуйатын тупсарарга үлэлии тураллар. Онуоха сөп түбэһэр үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр бааллар».

Ыарыыны чопчу диагностикалааһыҥҥа, уустук эпэрээссийэлэри харыстыыр ньыманан оҥорууга туһуламмыт үрдүк категориялаах оборудование оҕо доруобуйатыгар, быраас үлэтигэр туһалыыллар. Холобура, бу рентгеҥҥа түһэрэр дьоҕус аппарат. Бу тэрил көмөтүнэн тостубут, эчэйбит илиини-атаҕы бэрт кыра хайаҕас оҥорон эппэрэссийэлиир кыах баар. 

Алексей Кондаков, СӨ национальнай медицинскэй киинин педиатрическай киинин травматолог-ортопед бырааһа: «Маннык аппарат суох эрдэҕинэ, оннук тоһутуулар аһаҕастык оҥоһуллар этилэр. Билигин быспакка, бу аппараппытыгар түһэрэн баран сабыылаахтык туруоран биэрэбит».

Педиатрическай Киин сүрүн салааларыттан биирдэстэринэн реанимация, интенсивнай терапия салаата буолар. Манна Саха сирин улуустарыттан араас ыарыылаах ыарахан туруктаах, биитэр улахан травманы ылбыт суһал көмөҕө наадыйар оҕолор киирэллэр.

Иван Иванов, СӨ национальнай медицинскэй киинин педиатрическай киинин реанимацияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ: «Сылга 300-400 ыарыһах киирэн ааһар. Өссө 5000 кэриҥэ эпэрээссийэлэр буолаллар».

Салааҕа тыҥаны вентиляциялыыр тыынар аппараттар, кардиостимулятордар, дефриблятордар, монитордар кэлэн хааччыллыы толору саҥардыллан биллэ тубуста. Кыра пациеннар тас барбакка үрдүк хаачыстыбалаах көмөнү ылар кыахтаахтар. Онон оҕо доруобуйатын көмүскэлигэр тустаах болҕомо ууруллан үлэ барар.