Харах ыарыыларын эмтээһиҥҥэ кыһамньыылаах сыһыан
Главное
-
17 ноября в 09:50Порядка 13 тысяч домов газифицировали в Якутии
-
17 ноября в 09:36Лена Афанасьева: Якутяне могут бесплатно проверить своё репродуктивное здоровье
-
17 ноября в 09:30Харах ыарыыларын эмтээһиҥҥэ кыһамньыылаах сыһыан
-
17 ноября в 09:17Жителей Якутии предупреждают! Выезд автотранспорта на лёд категорически запрещён
Ольга Коринилова үлэтин күнэ сарсыарда 8-тан саҕаланар. Уопсайа 3 нүөмэрдээх балыыһа үрдүнэн 3 харах бырааһа баар буоллаҕына, билигин икии эмчит оҕо көрөн уоппускаҕа олороллор, ол иһин Ольга Николаевна үлэтэ үс төгүл элбээбит. Ол эрэн идэтигэр бэриниилээх быраас ону кыһалҕа диэбэт сиэстирэлэр көмөлөрүнэн таһаарыылаахтык үлэлиир, күҥҥэ отуттан тахса киһини көрөр.
Ольга Корнилова, Дьокуускайдааҕы 3№-дээх балыыһатын харах бырааһа: «Дьон кэлэр, тутатына диагноз туруоран, эмтэнии ааһаллар. Ол түмүгүн көрөн үөрэбит».
Ольга Николаевна 2012 сылтан саҕалаан, анал идэтин ылан баран 3 нүөмэрдээх былыаһаҕа үлэтин саҕалаабыта. Бэйэтэ икки оҕолоох ыал ийэтэ, кинилэр уһуйааннарын олоҕугар көхтөөхтүк кыттар, ону таһынан үлэтигэр эмиэ ситиһиилэрдээх, араас семинардарга, кэмпириэнсийэлэргэ кыттар, отделениеҕа олус үрдүктүк сыаналанар үлэһит
Екатерина Кузьмина, Дьокуускайдааҕы 3№-дээх балыыһатын лор бырааһа: «Биһи 5 сыл бииргэ үлэлээтибит. Ольга Николаевна эппиэтинэстээх, билиилээх быраас курдук көрөбүн. Туох эмит боппуруос баар буоллаҕаына үчүгэй баҕайытык эппиэттээн, быһааран биэрэр. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт, тэҥҥэ үлэлиибит».
Билиҥҥи кэмҥэ араас анал тэрил баар буолан ыарыыны эрдэттэн булан эмтиэххэ сэп. Ону таһынан балыаһа үлэлииргэ сэптээх усулуобуйаны барытын тэрийэр, олохтоохтор "Госуслуги" нөҥүө суруланааллара эмиэ табыгастаах диэн үлэһиттэр этэллэр.
Харах бырааһыгар үөрэнэр Екатерина Семенова иккис сылын Ольга Николаевнаҕа стажердуур, кини бэриниилээх үлэтэ миэхэ холобур буолар диэн этэр.
Екатерина Семёнова, Дьокуускайдааҕы 3№-дээх балыыһатын ординатора: «Ольга Николаевна үчүгэй баҕайытык быһаарар, пациеннарбар көмөлөһөр. Ыарарҕатар буоллахпына киниттэн ыйытабын».
Ольга Николаевна тохтоло суох үлэлиир, оннооҕор харах быраастарын идэлээх бырааһынньыктарын үлэтигэр ололрон көрсөр.