Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр патриотическай аахсыйа үлэтэ салҕанар
Главное
-
13 января в 08:23В Якутске прошел чемпионат по спортивному ориентированию в помещении
-
13 января в 07:54В Якутии продолжается работа по адресной помощи участникам СВО и членам их семей
-
13 января в 07:27Глава Якутии поставил задачи перед руководством Правительства и Администрации
-
13 января в 06:55Горнай Аһыматыгар Аҕа дойду бэтэрээнин хартыыналарын быыстапката турда
Уонтан тахса иистэнэр массыына биир күн тохтоло суох тигинэччи үлэлиир. Сүрүннээн манна ичигэс таҥас-сап тигиллэн тахсар. Кыһыҥҥы кэм буолан ордук флис көстүүмнэри сакаастыыллар. Урут хаһан да бэйэ-бэйэлэрин билсибэтэх иистэнньэҥнэри билигин биир санаа түмэр - биир дойдулаахтарбытыгар көмө.
Валентина Сергеева, волонтёр: "Мин ыстаапка сылдьыбытым икки сыл буолла. Бэйэм үлэлиибин, маны сэргэ үлэм быыһыгар манна кэлэн көмөлөһөбүн. Дьиэҕэ олордохпуна хайдах эрэ санаам буолбат, син биир кэлэ турабын. Көстүүмнэри, үрүсээктэри тигэбин. Ону тиктэхпинэ хайдах эрэ санаабар үчүгэй буолар, уолаттарга кыра да буоллар көмө оҥоробун дии саныыбын".
Билигин "Тугу кыайаргынан көмөлөс" диэн аахсыйа бара турар. Манна баҕалаах дьон тугу баҕар көмө оҥоруохтарын сөп. Холобур, улуустан биирдиилээн тэрилтэлэр чүмэчи оҥорон туттараллар. Оттон иискэ сыһыана суох дьон сиэккэ баайыытыгар тураллар. Ааспыт сылга уопсайа 10 тыһыынча кыбадыраатынай миэтэрэни өрөн ыыппыттар.
Егор Васильев, волонтёр: "Оҕолорбут, уолаттарбыт анараа, анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга, биһиги кылааппыт тиийэн көмөлөһөн дурда-хахха буоллун, биһиги тугу эмэ туһалаатарбыт диэн санааттан үлэлэһэ сатыыбыт".
Оттон ааспыт сылга уопсайа 115 туонна гуманитарнай көмө Саха сириттэн сылдьааччыларга тириэрдиллибит. Манна өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ кыттыспыт. Маныаха сүрүн тирэҕи "Саха сирэ эйиигин кытта" курдук волонтер хамсааһыннара оҥороллор, иилииллэр-саҕалыыллар.
Анна Ефимова, "Саха сирэ эйиигин кытта!" общественнай түмсүү бэрэссэдээтэлэ: "Билигин эмиэ баһыылкалары хомуйа сылдьабыт. Ый бүтүүтэ ытыахпыт. Аадырыстаах баһыылкалары төрөппүттэр аҕалан туттарыаххытын сөп. Тута олоробут.Ол гынан баран тоҥор аһы ылбаппыт, уурар сирбит суох".
Күннэтэ ыстаапка баһыылка хомуйуута, наардааһына итиэннэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аттаран түҥэтии тэтимнээхтик барар. Көмө үрүсээгин ылааччы тохтоло суох кэлэ турар, ыытыллар баһыылка эмиэ тиһигин быспат. Онон манна манна иистэнньэҥ, сиэккэ өрөөччү, дьиэҕэ олорон тигээччи ордук наада.