Кэбээйи улууһун кыраайы үөрэтэр түмэл хапытаалынай өрөмүөн кэннэ үлэтин саҕалаата

43

Хас эмэ тыыһынчанан экспонат оннуларын булан, киэҥ араҥаҕа уруккуну дьэҥкэтик арыйан, история кэрэһиттэрэ буолан тураллар. Бу Кэбээйи улууһун биир тарбахха баттанар кыраайы үөрэтэр түмэлэ буолар. 450 кыбадыраатынай миэтирэ иэҥҥэ манна  - оройуон историятын бүттүүнэ хараллан сытар.

Өрөмүөн барбыта харахха. Үгүс үлэ ыытыллыбытын киһи сэргии эрэ көрөр. Онон билигин түмэл саҥалыы тыыннанан, өрө күүрүүлээхтик үлэтин салҕыыр. Холобура, билигин 2500 тыһынча экспонат судаарыстыбаннай реестрга киирэн, Дойду араас муннугуттан куйаар ситиминэн киирэн, Кэбээйи улууһун мусуойун көрүөхтэрин сөп. Онно төһүү - хаппытаалынай өрөмүөн.

Григорий Егоров, Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ: «Акылаатын көтөхтөрөн, сылытыытын, уотун-күөһүн, барыта оҥоһуллубута. Экспонаттарбытын хаттаан туруораммыт. Билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥордубут».

Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэли историк-учуутал Петр Степанов  1958 сыллаахха төрүттээбитэ. Ол кэмтэн ыла мусуой үлэтин ыырын кэҥэтэн, экспонаттарын хаҥатан үлэлиир. Билигин хаппытаалынай өрөмүөн кэнниттэн манна өссө Олоҥхо хоһо эбиллэн, манна араас көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар уонна кинигэ сүрэхтэниилэрэ ыытыллаллар. 

Иосиф Кобяков, суруйааччы, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ: «Кэбээйиттэн төрүттээх поэт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Бу кинигэҕэ Иннокентий Левин хоһоонноро барыта киирдэ».

Үөһээ этиллибитин курдук, түмэл экспонаттара хаҥыыр. Онтон биирдэстэрэ сэдэх көтөр чуучалата буолар.

Григорий Егоров, Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ: «Баклан диэн көтөрдөр кэлэн эрэллэр. Саамай чугаһаабыттара Байкал күөл диэки олохсуйар этилэр. Быйыл Өлүөхүмэҕэ кэлбиттэр. Онтукабыт биһиэхэ кэлэн төрөөннөр Сангар анныгар бултаабыттара. Онтон иккини биһиэхэ ыыппыттара».

Дьэ бу курдук олус интриэһинэй эскпонаттардаах, историялаах түмэл быр-бааччы үлэлиир. Историяны кэрэһэлиир.