Дьокуускайга 50000 сыл аннараа өттүгэр олоро сылдьыбыт мамонт оҕотун көрдөрдүлэр

59

Бу сэлии оҕото - Саха сиригэр үһүс булумньу. Оттон аан дойдуга - сэттис. Саха учуонайдара билигин научнай чинчийиини ыыталлар.

Учуонайдар сабаҕалыылларынан сэлии оҕото биир саастаах, уһуна - икки миэтэрэ кэриҥэ. Булумньу Дьааҥы улууһугар көстүбүт буолан Яна өрүс аатынан сүрэхтэннэ.

Сэлии оҕото уратыта диэн бу иннинэ көстүбүт булумньулартан үчүгэй туруктаах диэн чинчийээччиллэр бэлиэтээтилэр. Төбөтө, ис уорганнара бүтүн буолан чинчийэргэ элбэх кыаҕы арыйар.

Гаврил Новгородов, Саха сиринээҕи сэлии түмэлин билим үлэһитэ: «Биһи булумньубут уратыта сирэйэ уонна ис уорганнара бааллар. Куртаҕын үөрэтэн тугу аһыы сылдьыбытын билиэхпитин сөп. Ханнык кэмҥэ өлбүтүн билиэхпитин сөп».

Саха сиригэр бүтэһигин сэлии оҕотун 2010 сыллаахха булбуттара. Юка - сэлии оҕото наука эйгэтигэр элбэх саҥа арыйыылары оҥорбута. Аан дойду үрдүнэн уопсайа сэттэ сэлии оҕолорун булбуттара биллэр, оттон биэһэ Арассыыйаҕа.

Анатолий Николаев, М. К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора: «Үөрэппиппит ыраатта. Федеральнай бырайыак “2030” диэн. Министиэристибэ биһигини өйүүр нацбырайыак иһинэн. Биһиэхэ улахан дьол».

Билигин сэлии оҕотун эттигиттэн ылыллыбыт килиэккэ үөрэтиллэн, научнай чинчийиилэри ааһан, генетика өттүнэн историятыгар ураты уонна киэҥ хардыы оҥоһуллуо диэн учуонайдар бигэ эрэллээхтэр.