Саҥа онкологическай Киин үлэҕэ киириэҕиттэн 4 тыһ. тахса эппэрэссийэ оҥоһулунна

48

Чурапчы улууһун олохтооҕор Гаврил Эверстовка манна Онкокииҥҥэ кэлэн медицинскэй чинчийии бара сырыттаҕына, искэҥ баарын булбуттар. Хата кэмигэр быһааран тута ситиһиилэхтик эппэрээссийэлэнэн, билигин чөлүгэр түһэ, эбии көрдөрүнэ сылдьар кэмэ.

Гаврил Эверстов, Чурапчы улууһун олохтооҕо: «Манна хас кабинет аайы суругунан киирэҕин, кумаахы биэрэллэр онно сурулла сылдьар. Сүрдээх үчүгэй быраастар, бары кыһаллаллар».

Саҥа онкологическай Киин үлэҕэ киириэҕиттэн, олунньу ыйтан саҕалаан манна 4 тыһыынчаттан тахса эппэрэссийэни оҥордулар. Барыта 6 аныгы хаачыллыылаах операционнайдарга күннэтэ ортотунан 40 үрдүк таһымнаах эппэрээссийэ ыытыллар. Саҥа аппарат, оборудование көмөтүнэн киһиэхэ улахан хайытыыта, травмата суох искэҥи эмтиир кыахтаннылар.

Владимир Васильев, диспансернай салаа сэбиэдиссэйэ, онколог-хирург быраас: «Билиҥҥи эппэрэссийэлэрбит улахан хайытыыта суох экран нөҥүө ааһаллар. Оннук эппэрээссийэлэммит дьоннор түргэнник үтүөрэллэр».

Саҥа онкологическай Киин симиэнэҕэ 210 киһи сылдьар поликлиникалаах, ол эбэтэр сылга манна 50 тыһыынча ыарыһах кэлэн көрдөрүнэн ааһыан сөп. 200-чэкэ киһи сытар эмтэнэр стационардаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн уопсайа 13 тыһыынчаттан тахса киһи онкологтарга учуокка турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ саамай тэнийбит онкологическай ыарыыларынан тыҥа, түөс уонна быар рага буолаллар. Тустаах бырагыраама, саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕиттэн элбэх киһини хабан искэҥи эрдэ булар кыах баар буолла. 

Феодосия Иванова, СӨ онкодиспансерын эмтээһиҥҥэ салаатын салайаччы: «Бастакы, иккис стадияҕа эрдэ булуллубут быраһыан элбээтэ. Уонна бу бырайыыак чэрчитинэн элбэх киһи үтүөрэр түмүккэ кэллэ. 49% элбэх киһини көрөр буоллубут».

Биир үксүн ыарахан ыарыыны олох эрдэттэн буллахха эрэ эмтэнии ситиһиилээх буолар. Онон диагностиканы эрдэттэн барыы сүрүн болҕомтону ылар. Саҥа Онкокиин үлэтин ситиһиилээхтик саҕалаан, салгыы даҕаны саҥа ньымалары баһылаан, үрдүк таһымҥа ыарыһахтары эмтиир, үтүөрдэр соруктаах.