СПИД киинигэр саҥа кабинет арылынна

21

Рентген-лабараан аппараатын аттыттан ырааппакка эрэ түһэрбитинэн барар. Аныгы кэм тиэхиньикэтигэр бу табыллар. Урукку рентгеннэргэ медик атын хостон туран баттыыра ирдэнэрэ. Оттон бу дьоҕус кээмэйдээх "Проматрикс" диэн ааттаах олохтоох оҥорон таһаарыы чыҥха атын. Чаҕыл Портнягин киин үлэһитэ буолан биир бастакынан саҥа аппараакка түстэ.

Чаҕыл Портнягин: «Буортута кыра дииллэр. Аныгылыы, үчүгэй».

Саҥа аппараат сүрүнэ кээмэйэ уонна буортута кыра. Онон кииҥҥэ учуокка турар дьон холкутук сылга иккитэ түһүөхтэрин сөп. Анал харыстыыр матырыйаалтан таҥыллыбыт буолан рентген буортулаах сардаҥатын таһаарбат, итиэннэ иһигэр тохтоло суох салгыны ыраастыыр тэрил үлэлиир.   

Светлана Байдынова, СӨ СПИД  уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтэр киин рентген-лабараана: «Саамай бүтэһик көлүөнэ аппараат. Буортута кыра. Сыыппара буолан түмүгүн тута ылыахха сөп».

Туһааннаах медицинэ тэрилтэтэ доруобуйаны көрдөрүнүү тоҕоостоох буоларыгар туһулаан саҥа оборуудабанньанан хааччыллыыга улахан болҕомтону уурар. Учуокка турар дьону сэргэ быардара ыалдьааччылары, ону таһынан доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлэниэн баҕалаах бары дьону көрөр. Онон сылга 22 тыһыынчаттан тахса киһи көрдөрүнэр.

Регина Федорова, СӨ СПИД  уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтэр киин инфекционист бырааһа: «Сылга иккитэ быраас анааһынан тыҥаларын түстэхтэринэ сэллик, ойоҕостотуу курдук ыарахан ыарыылартан харыстаналлар эбэтэр эрдэ сөптөөх эмтэниини саҕалыыллар».

Кэнники биэс сылга сэллик ыарыытын көрдөрүүтэ бүтэһик сылларга намтаабыта бэлиэтэнэр. Дойду орто көрдөрүүтүттэн билигин намыһах, оттон Уһук Илиҥҥэ бастыҥ көрдөрүүлээхпит. Бу сэрэтии үлэ тэрээһиннээхтик ыытылларын туоһута.