Саха сиригэр бэтэринээрдэр тургутуү үөрэҕи аастылар
Главное
Тургутар үөрэх ис хоһооно биллэриллэр. Дьокуускай олохтооҕо, ыаллыы сытар эригийиэнтэн бэтэринээр көрүүтэ суох 3 ньирэйи атыылаһан аҕалбыт. Онтон биирэ өлбүт. Бу эрэ кэннэ хаһаайыстыбалаах дьахтар бэтэринээрдэргэ биллэрбит. Исписэлиис сүөһү өлүгүн көрөөт, тута манна суох сыстыганнаах ыарыы киирбитин сибикилиир уонна туһааннаах анализтары ылар.
Лидия Иванова, Бүлүү улууһун бэтэринээринэй салалта салайааччыта: «Аан бастаан бу хаһаайыстыбаҕа кэлбит бэтэринээринэй үлэһит обследование оҥорор, хаһаайыны кытта кэпсэтэр, ону таһынан ыалдьыбыт сүөһүлэр туруктарын көрөр, хаанын ылар».
Бу ыарыы сүрүн сибикитэ сүөһү аһаабат буолар, температурата үрдүүр итиэннэ ыраахсыкка маарынныыр баастар тахсаллар, айаҕыттан күүгэн үллэр. Үөрэх хаамыытынан ыллыллыбыт анализ, хомойуох иһин, ящур баар буолбутун бигэргэтэр. Ыксаллаах быһыы-майгы тирээбитин туһааннаах биэдэмистибэлэргэ, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тута биллэрэллэр. Күүстээх үлэ ыарыыны сэрэтиигэ ууруллар.
Мария Дмитриева: «Ити курдук үөрэтии кэмигэр бу ящур диэн ыарыы турар кэмиэгэр оҥоһуллар дьайыылар барыта түһүмэхтээн көрдөрүллэллэр. Билигин биһи бэтэринээринэй пууҥҥа кэлэн турабыт, манна эмиэ биир сүрүн үлэ ыытыллар».
Наталья Иванова, бэтэринээринэй быраас: «Противоэпизоотические мероприятия диэн ыытабыт. Ол аата, бу ыарыы тарҕамматын туһугар үлэлиибит».
Тургутууга улуустар бэрэстэбиитэллэрэ хамаанданан кытталлар. Манна экспертэр бэтэринээрдэр бары дьайыыларын сэргэ докумуону сөпкө толорууларын кытта бэрэбиэркэлииллэр. Холобур, бу көстөр сүөһүлэр ыарыы баар сириттэн тэйиччи сылдьаллар. Сэрэтии үлэтин сөптөөхтүк ыытыыны Чурапчы хамаандата сиһилии көрдөрөр.
Дмитрий Кириллин, Чурапчытааҕы бэтэринээринэй салалта салайааччытын эбээһинэһин толорооччу: «Ыарыы турбут сириттэн тэйиччи баарбыт. Баар сүөһүлэрбитин барытын кэрийэн бэрэбиэркэлиэхтээхпит, клин осмотр оҥоруохтаахпыт уонна оҥорбут үлэбитин барытын сурунан туттарыахтаахпыт».
Бу ыарыы билиҥҥитэ эмтэммэт. Ыалдьыбыт сүөһүлэри эбэтэр сибиинньэлэри тута суох гыналлар. Уонна ирдэбил быһыытынан уматаллар. Үөрэх кэмигэр уматарга сир бэлэмнэммит, ол эрэн олус тыаллаах буолан тохтоттулар. Бу түһүмэх Амма уонна Ньурба бэтэринээрдэригэр сүктэриллибит.
Игорь Анисимов, Амматааҕы бэтэринээринэй салалта салайааччыта: «Бүгүн сыстыганнаах ыарыыттан өлбүт сүөһүлэри уматтыбыт».
Ящур диэн ыарыы Саха сиригэр хаһан да бэлиэтэнэ илик. Онон Арассыыйаҕа биһиги өрөспүүбүлүкэбит 10 үчүгэй туруктаах эригийиэҥҥэ киирэр. Ол эрэн холкутуйар сатаммат, бэтэринээрдэр хайа баҕар түгэҥҥэ бэлэм буолаллара ирдэнэр.
Игнатий Колодезников, СӨ бэтэринээринэй салалтатын салайааччы: «Саха сирин тулалыыр бары эрэгийэннэргэ тура сылдьыбыта, ол иһин биһиэхэ киирэрэ кутталлаах. Ол иһин маннык үөрэтиилэри оҥордубут. Түргэнник тарҕанар уонна аһы-үөлү кытта кэлиэн сөп. Хаһан баҕар, ханна баҕар туруон сөп».
Маннык эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы киэҥ хабааннаах тургутар үөрэхтэр мантан ыла сыллата ыытыллыахтара.