"Умнас" суол учаастагын өрөмүөнэ бу күһүн түмүктэниэхтээх
Главное
-
27 ноября в 13:3030 молодых специалистов пополнили штат Якутской республиканской клинической больницы
-
27 ноября в 13:24Бюст Героя России Дмитрия Егорова - "Сунтар" установлен на Аллее Героев
-
27 ноября в 13:15Финансирование сельского хозяйства в Якутии превысит 15 млрд рублей
-
27 ноября в 12:45В Якутии размер республиканского материнского капитала "Семья" повысят до 316 тысяч рублей
Айтал Егоров суол-иис хайысхатыгар үлэлээбитэ 7 сыла. Түөрт сылтан бэттэх аспаал ууруутугар ылсан үлэлии сылдьар. Бу «Умнас» суол учаастагар бүтэһик араҥа аспаал тэлгэнэр. Номнуо хаһыс да нэдиэлэтин үлэ тиһигин быспакка барар. Манна айаны-сырыыны харгыстаабат инниттэн өрөмүөн үлэтэ суолу бүтүүннүү саппакка дьүөрэлии ыыталлар.
Айтал Егоров, асфальт ууруутун маастара: «Бу түмүктүүр бүрүйүү, үһүс араҥатын кута сылдьабыт. 4 балаһалаах суолбутун бүтэрэ охсоорубут этэҥҥэ үлэлии сылдьабыт».
Хатаска киириигэ ГАИ поһуттан Владимировка диэки хайысхаҕа суол кэҥээн саҥардыллыбыта үгүс айаннааччыны үөрдэр. Бу Умнас өрөспүүбүлүкэтээҕи суол баараҕай өрөмүөнэ иккис сылын бара турар. Суол 11-20 км диэри уопсайа 8 км тахсалаах суол учаастага саҥардыллан, кэҥээн түөрт балаһалаах буолла. Былаан быһыытынан аспаал халыҥа 18 см буолуохтаах.
Айгылаан Григорьев, "Дороги Саха" тэрилтэ суол учаастагар маастара: «Бүгүҥҥү күҥҥэ бөдөҥ кыырпах аспаал бүтэн турар. Билигин бытархай бүрүйүүтүн уура сылдьабыт. 1,6 км икки балаһа уурдубут. Тыастан харыстыыр экраннары саҕалаатыбыт».
Саха сиригэр 2019 сылтан "Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара" национальнай бырайыак салгыы түһүмэҕэ олоххо киирэр. Ол чэрчитинэн быйыл Саха сирин үрдүнэн 170-тан тахса км суол өрөмүөннэнэ сылдьар. Бу Умнас суолугар Өлүөхүмэ иһигэр эмиэ аспаал, бетон үлэлэрэ барыахтара. Маны тэҥэ куораттан тахсыыга Намныыр суол учаастагын өрөмүөнэ эмиэ бүтүөхтээх.
Айгылаан Григорьев, "Дороги Саха" тэрилтэ суол учаастагар маастара: «Аннараа суол АД “Нам” 7-11км дылы барар. Онно бөдөҥ кыырпах аспаалын 2,7 км бу күннэргэ бүтэрэбит. Онтон бүрүйүүиүн 1,5 км уурбуппут. Билигин киһи хаамар сирэ уонна тупсарыы үлэтэ».
Нацбырайыак чэрчититинэн маны тэҥэ Нам улууһугар уопсайа уон км суолу оҥоруохтара. Ону таһынан Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Мииринэй, Бүлүү улуустарыгар суолу саҥардыы үлэлэрэ ыытыллаллар.
Анатолий Потапов, СӨ транспорт миниистирин бастакы солбуйааччы: «Быйыл нацбырайыак чэрчитинэн 175,6 км нормативка эппиэттиир оҥоруохтаахпыт. Ол иһигэр 144,3 км эрэгийиэннээҕи суолларга уонна 31,3 км Дьокуускай куорат суолун-ииһин суолугар нормативка эппиэттиир оҥоробут».
Бу Умнас суолугар ортотунан балаһалары араарар күрүөлээх, суол икки өттүттэн туһааннаах сырдатыылаах, уот баҕаналарын туруорбуттара. Сатыы сылдьааччыларга эмиэ усулуобуйа оҥоһуллуоҕа, ол курдук тротуардар, светофордар, автобус тохтобуллара киириэхтэрэ. Үлэ графигыттан хаалыы суох, төттөрүтүн эрдэлиир тэтимнээх үлэ бара турар диэн иһитиннэрдилэр. Суол тутуута аны күһүн толору бэлэм буолара күүтүллэр.