Дьокуускайга Павел Пинигин чиэһигэр анаммыт көҥүл тустуу күрэҕэ саҕаланна

53

Олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойду 3 төгүллээх чөмпүйүөнэ, СССР успуордун үтүөлээх маастара Павел Пинигин чиэһигэр күрэх саҕаланна. 540 бөҕөс 3 күн устата бастыыр иһин киирсиэхтэрэ.

Виктор Громов, Спортсменнары бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрин солбуйааччы: «Бурятия, Тыва, Забайкальскай, Хабаровскай кыраай, Дагестан – маннык курдук улахан тустуу эрэгийиэннэриттэн кэллилэр, ону таһынан 4 тас дойдуттан кэллилэр: Кыргызстан, Казахстан, Узбекистан уонна Таджикистан күрэхтэһээччилэрэ».

40-тан тахса сыл оҕолору дьарыктаабыт саннытыгар үгүс уопуттаах тренер Гаврил Дмитриев Хаҥалас улууһуттан 20-тэн тахса эдэр бөҕөһү арыаллыы сылдьар. Улуус хомуур хамаандатыгар номнуо элбэх ситиһиилээх оҕолор бааллар. Онон салгыы бууттарын этэ буһан бүтүн Арассыыйа даҕаны таһымнаах күрэхтэргэ түөстэригэр мэтээллэри иилиниэхтэрэ турдаҕа диэн баҕа санаатын үллэһиннэ. Үйэтин тухары көбүөртэн арахпатах, тустуу диэн баран муннукка ытаабыт тренер оҕолоругар хас хапсыһыы ахсын эттиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын ыалдьар.

Гаврил Дмитриев, Хаҥалас улууһун көҥүл тустууга тренерэ: «Бу күрэххэ урут-уруккаттан кыттаммыт 2-3 чөмпүйүөннэр кэлэллэр этэ. Бу сырыыга онтон түспэт сыалга сорукка кэлэн туста сылдьабыт. Бу уолаттартан хайалара эрэ Арассыыйаҕа тахсыахтара диэн эрэнэбин».

Кыттааччылар бу күрэххэ кэлиэхтэрин иннинэ үгүс тургутуулары туораатылар, араас күрэхтэргэ кыттыыны ыллылар. Онон хас биирдии кыттааччы кыайыы эрэ туһугар көбүөргэ тахсара чахчы. Тренер идэлээхтэр иитиллээччилэрэ ханна уонна хайдах дьарыктар, бэлэмнэниилэр ааспыттарын сэһэргээтилэр.

Александр Моторин, Томпо улууһун көҥүл тустууга тренерэ: «Мы все лето провели на сборах. Позавчера только прилетели из Республики Северная Осетия - Алания. Хорошо подготовились, уверенно выступим в тяжелых весовых категориях 85-100 кг и в двух возрастных группах. У меня есть молодые чемпионы республики, я думаю все будет хорошо».

Бу күрэх түмүгүнэн кыайыы чыпчаалларын дабайбыт кыттааччылар Саха сирин хомуур хамаандатыгар киирэн, дьарыктары ааһан Уһук Илин, Арассыыйа, бүтүн аан дойду даҕаны таһымнаах күрэхтэргэ кыттыыны ылар чиэскэ тиксиэхтэрин сөп. Онон эдэр тустууктар салгыы сайдалларыгар кынаттыыр күрэх ааһа турар.

Кузьма Сивцев, көҥүл тустууга оҕолорго СӨ сүрүн тренерэ: «Улуус тренердэрэ уонна оҕолор экзамен туттараллар. Оҕолорбут ханнык таһымҥа сылдьалларын көрүөхпүт, истиэхпит. Бу күрэхтэһииннэн талааннах оҕолору булабыт уонна сүүмэрдиир эрчиллиилэргэ кытыннарыахпыт».

Бу турниры Саха сирин биллэр-көстөр тустууктара бары ааспыттара, ол курдук аан дойду икки төгүллэх чөмпүйүөнэ Виктор Лебедев, билиҥҥи спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, бырааттыы Герман, Александр Контоевтар уонна Саха сирин ааттата сылдьар Виктор Рассадин. Аны сотору кэминэн бу кытта сылдьар оҕолор ааттара эмиэ аатырыахтара турдаҕа.