Дьокуускайга Балыксыт күнүн бэлиэтиилэр
Главное
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
-
27 ноября в 14:00Жительница Якутии вышла в финал Всероссийского музыкального проекта "Голоса Героев"
Неустроевтар балык диэн баран муннукка ытаабыт дьиэ кэргэн. Аҕалара тэрээһиҥҥэ дьүүллүүр сүбэ буола сылдьар. Ыал ийэтэ Изабелла Неустроева кыра уолун кытта күрэххэ кыттыыны ылар. Аҕалара үлүһүйбүт балыксыт буолан барыларын бу дьарыкка сыһыарбыт. Кыһыннары сайыннары таптыыр дьарыкпытыгар тахсабыт, оҕолорбутугар сибиэһэй салгын, айылҕалыын алтыһыы бэрт туһалаах диэн ыал ийэтэ сэһэргээтэ. Бу күрэххэ номнуо иккис төгүлүн кыттыыны ылаллар.
Изабелла Неустроева, балыксыт: «Айылҕаҕа дуоһуйа сынньанар уонна балык туттаҕына өссө үөрэр. Былырыын балык туппатаҕым, бу кэлэн баран иккини туттум, уолум биири тутта. Кэргэним балыктыырын сөбүлүүр, ол иһин кинини кытта сылдьабын наар. Сайын аайы балыктыыбыт, кыһынын эмиэ».
Күрэх бүтүн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах. Ол курдук, "Бастакы балык", "Саамай улахан балык", "Саамай эдэр балыксыт", "Кырдьаҕас, уопуттаах балыксыт", "Сэдэх экземпляр" уонна "Бэһиэлэй дьиэ кэргэн" диэн уопсайа 6 анал аат иһин киирсэллэр. Тэрээһиҥҥэ саҥа саҕалааччылартан саҕалаан санныларыгар номнуо үгүс уопуттаах балыксыттарга тиийэ бааллар.
Анатолий Алексеев, СӨ айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы: «Күүскэ бэлэмнэммит балыксыттар эмиэ бааллар, балыктыахпын баҕарабын диэбит дьоннор эмиэ бааллар. Бу тэрээһиҥҥэ күммүт халлааммыт үчүгэй баҕайытык туран биэрдэ».
Күрэх Балыксыт күнүн уонна бүтүн арассыыйатааҕы "Семейная рыбалка" диэн бэстибээл чэрчилэринэн ыытылынна. Күрэхтэһээччилэр сүрүннээн дьиэ кэргэнинэн оҕолуун-уруулуун кэллилэр. Онон үүнэр көлүөнэҕэ айылҕалыын алтыһыыны көҕүлүүр бэрт туһалаах тэрээһин ыытыллар.
Эдуард Родионов, Росрыболовство Илин-Сибиирдээҕи салалтатын салайааччытын солбуйааччы: «Эдэр ыччаты балыктааһыҥҥа угуйар, чөл олоҕу көҕүлүүр тэрээһин буола турар. Быйыл олус көхтөөхтүк дьиэ кэргэнинэн кытталлар».
Быйылгы тэрээһиҥҥэ кыттааччы ахсаана олус элбэх диэн тэрийээччилэр үөрэ саныыллар. Аны кэлэр сылларга күрэх таһымын өссө улаатыннарар сыаллаахтар. Саха киһитэ булдунан эрэ муҥуурдаммакка түҥ былыргаттан балыкка эмиэ сыстыгас. Онон Саха сирин биир үтүө үгэһин - балыктааһыны сайыннарар кэскиллээх суол диэн сэһэргииллэр.
Анатолий Алексеев, СӨ айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы: «Бу тэрээһиммит Дьокуускай куоракка иккис сылын тэриллэ турар. Былырыын 60 кыттааччы баар буоллаҕына быйыл номнуо 120 кыттааччы баар. Булчут күнүн курдук улаатыннарыахха наада диэн этиилэр киирэллэр. Ол иһин эһиил кэҥэтэр былааннаахпыт».
Кун-дьыл туруга балыктыырга табыгастаах, тымныы даҕаны, наһаа куйаас даҕаны буолбатах диэн балыксыттар үөрэ саныыллар. Бу күн Өлүөнэ эбэ күрэхтэһээччилэри матарбата. Көмүс хатырыктааҕы сэҥээрээччилэр дьиэ кэргэннэрин кытта өрөбүллэрин бэһиэлэйдик уонна саамай сүрүнэ туһалаахтык атаардылар.