Суолга-иискэ куттала суох буолууну хааччыйар инспиэксийэ идэлээх бырааһынньыктара

89

Госавтоинспекция үлэһиттэрэ ытыс дохсун тыаһынан үөрүүлээх күннэрин уруйдууллар. Бэриниилээх үлэлэрин, үгүс ситиһиилэрин иһин ГАИ инспиэктэрдэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалаатылар. Үлэһиттэр үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Күннэй Иванова, СӨ суолга-иискэ куттала суох буолууну хааччыйар судаарыстыбаннай инспиэксийэ сүрүн инспиэктэрэ: «Бүгүн биһигини Саха сирин Ис дьыала миниистэрэ Прокопенко Владимир Николаевич эҕэрдэлээтэ. Уопсайа Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 600-чэ инспиэктэр үлэлиир».

Ханнык даҕаны өрөбүл, бырааһынньык күнэ буолбутун иһин инспиэктэр үлэтэ тохтообот. Билигин наҕараадалааһын тэрээһинэ түмүктэммитин кэннэ салгыы үлэбитигэр түһүнэбит диэн сэһэргээтилэр.

Алексей Кривошеев, СӨ суолга-иискэ куттал суох буолуутун  инспиэксийэтин анал батальонун  хамандыыра: «В этот день все сотрудники выходят на службу в белых рубашках, в парадной форме и работают также, как и каждый день, круглосуточно, осуществляют охрану общественного порядка и обеспечение безопасности дорожного движения на территории республики».

Инспиэктэрдэр суолга-иискэ саахал, дьон сэргэ эчэйиитэ суох буоларын туһугар түүннэри-күнүстэри, кыһыннары-сайыннары куруук үлэ үгэнигэр сылдьаллар. Онон суоппардары инспиэктэр уустук үлэтин өйдүүллэригэр, сыаналыылларыгар ыҥыраллар.

Руслан Кралин, СӨ суолга-иискэ куттал суох буолуутун  инспиэксийэтин анал батальонун  хамандыырын солбуйааччы: «Биһигитини өйдүүллэрин баҕарабын. Дьоннор ДПС инспиэктэрдэрин үчүгэйэ суохтук көрсөллөр. Суол саахалыгар түбэспэттэрин курдук үлэлиибит, ыстырааптар мээнэҕэ буотахтар. Суол быраабылатын тутуспат буоллахтарына киһи өлүүтэ элбиэ».

Инспиэктэр идэлээхтэр бары биир сыалы-соругу тутуһаллар. Сыралаах үлэ сүрүн сыалынан биллэн турар суолга-иискэ тахсар саахаллары, эчэйиилэри аччатыы буолар. Хас биирдии тустаах үлэһит ыра санаата- суолга суорума суолланар киһи ахсаанын суох оҥоруу буолар.

Александр Архипов, СӨ суолу-ииһи кэтиир сулууспа салаатын салайааччыта: «Хотелось бы пожелать сотрудникам профессиональных успехов, достижения тех целей, которые поставлены Президентом нашей страны, руководством республики и МВД РФ – это снижение смертности на дорогах к нулевому показателю».

Инспиэксийэ үлэтэ аныгы үйэ тэтимнээх сайдыытын кытта эмиэ тэҥҥэ сайдыы суолугар үүктэнэр. Билигин цифровой тиэхиникэ бииһэ-ууһа элбээн суолга массыыналары хонтуруоллуурга күүс-көмө буолар.

Күннэй Иванова, СӨ суолга-иискэ куттала суох буолууну хааччыйар судаарыстыбаннай инспиэксийэ сүрүн инспиэктэрэ: «Аныгы олох сайдыытынан тимир көлө элбээбитинэн сибэстээн араас техническэй тэриллэр, аныгылыы сэптэр, сибээс көрүҥнэрэ билигин сайдан эрэллэр. Онон бу инспиэктэрдэрбитигэр көмө буолар».

Наҕараадалааһын кэннэ бэриниилээхтик үлэлии сылдьан олохторун толук уурбут үлэһиттэргэ иһийии мүнүүтэтин анаатылар уонна мемориалга сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.