Дыгын оонньуулара кыайыылааҕын аата ааттанна

97

Дыгын оонньууларын кыттааччылара оҕунан мас куобаҕы, куһу уонна тииҥи ыталлар. Тыаллаах буолан сыаллары табар уустуктардаах буолан биэрдэ, эбиитин быйылгыттан бу көрүҥҥэ ирдэбил кытаатта.

Иван Горохов, Дыгын оонньууларын сүрүн судьуйата: «Ох ытыыга үрдэтиигэ ытар буоллубут. Сыалы оруобуна таптахтарына эрэ ааҕыллар».

Оҕунан ытыы көрүҥэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Айсен Ботуев бастаата, Горнай бөҕөһө Дьулустан Ноговицын иккис миэстэҕэ тигистэ уонна Дыгын онньууларын саамай эдэр кыттааччыта Артем Дяконов үһүс миэстэ буолла. Ол кэнниттэн 400 миэтирэҕэ сүүрүүгэ илин-кэлин түһүннүлэр. Күүстээх сүүрүү түмүгүнэн Алексей Созонов кылбар кыайыыны ситистэ, онтон Борис Сдвижков иккистээтэ уонна финишка Дьулустан Ноговицын үһүс тиийдэ.

Сүүрүү кэнниттэн кыттааччылар саханы саха дэппит хапсаҕайга кииристилэр, киһи хараҕар хатанар албастары көрдөрөн ыалдьааччыларын сөхтөрдүлэр. Күрэх уопсай хаамыытын көрөөччүлэр сэргээтилэр.

Николай Обоев илиитин улаханнык эчэтэн 29-с Дыгын оонньууларыттан хомойуох иһин туораата. Көрөөччүлэр Ньурба бөҕөһүн ытыс дохсун тыаһынан хапсаҕай түһүлгэтиттэн атаардылар.

Кытаанах хапсыһыылар түмүктэринэн Кэбээйиттэн төрүттээх эдэркээн бөҕөс Артем Дяконов кылбар кыайыыны ситистэ, Дьулустаан Ноговицын иккистээтэ, Яков Дмитриев бочуоттаах үһүс миэстэҕэ тигистэ.

Оонньуулар тиһэх көрүҥэ таас көтөҕүүтэ саҕаланна. Уолаттар бүтэһик хаалбыт күүстэрин-уохтарын ууран туран тааһы түөстэригэр быраҕаллар. Дьулустаан Ноговицын 150 миэтирэни ааһан саҥа тааска рекорд олохтоото, иккис миэстэ Борис Сдвижков буолла уонна Яков Дмитриев үһүстээтэ.

Икки күннээх күрэх кыайыылааҕын аата номнуо ааттанна. Онус төгүлүн Дыгын оонньууларыгар кыттыыны ылбыт Дьулустаан Ноговицын маҥнайгы санааларын үллэһиннэ.

Дьулустан Ноговицын, Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа: «Эппиэтинэс улахан этэ. Элбэх киһи ыалдьар, итэҕэйэр. Түһэн биэрбэтэх киһи диэн толкуйдаах кэлэн кииристим. Олох итэҕэйбэккэ турабын, тугу гынарбын билбэппин»

3 бочуоттаах миэстэҕэ Дыгын оонньууларын саамай эдэр кыттааччыта Артём Дьяконов тигистэ, оттон 2 миэстэни бэйэтин аатыгар сурунна Амматтан төрүттээх Борис Сдвижков.