"Азия оҕолоро" оонньуулар 5-һис күнэ түмүктэннэ
Главное
-
28 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 28 ноября
-
27 ноября в 15:01В Якутске организована бесплатная установка пожарных извещателей в домах и квартирах многодетных семей
-
27 ноября в 14:31"Языковое гнездо". В Олёкминском районе дети изучают эвенкийский язык
-
27 ноября в 14:15В Якутии принят закон о снижении ставок УСН для поддержки малого и среднего бизнеса
Старт бэрилиннэ. Уолаттар туох баалларын барытын помоска ууруллар. Тренер көччөх гынан көтүппүт оҕолорун бастакы улахан күрэхтэһиилэригэр атаарар. Саха уолаттара төрүт көрүҥҥэ тэҥнээхтэрин булбакка норуоттарын үөртүлэр.
Джайдей Мамани, күрэхтэһии судьуйата: «Мас тардыһыы саарбаҕа суох сотору кэминэн өссө үрдүк таһымҥа тахсыаҕа. Саха сиригэр мин 4-с сырыыбын кэллим. 14, 18, 22 сыллаахха ыытыллыбыт чөмпүйэнээккэ кыттааччы да, тренер да быһыытынан кэлэ сылдьыбытым, оттон билигин номнуо судьуйабын».
Саха төрүт көрүҥэ билигин дойду таһымыгар тахсан, бары норуоттар таптаан дьарыктанар көрүҥнэринэн буолла. Бу көрүҥҥэ уопсайа 13 дойдуттан 44 кыттааччы муһунна. Күрэхтэһии кэмигэр Арассыыйа төрүт көрүҥнэрин уонна неолимпийскай кэмитиэтэ Модун спорт комплексын кытта хардарыта үлэлэһии туһунан сөбүлэҥи түһэрдилэр.
Салгыы бу көрүҥ олимпийскай таһымҥа тахсарыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин салалтата уонна мас тардыһыы бэдэрээссийэтэ улахан сыраны уурар.
Сергей Местников, СӨ салалтатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Олимпийскай көрүҥ оҥороммут, бырагырааматыгар киллэрэр сыаллаах-соруктаах. Оннук сордуаҕы Ил Дархаммыт 2020 сылаахха туруорбута».
Күрэхтэһии биир саамай интэриэһинэй тардыһыытын 50 киилэҕэ диэри уолаттар бэлэхтээтилэр.
Чолбон бассейҥҥа харбааһын күрэҕэ ыытыллар. 5 араас дистанцияҕа кыргыттар бастыыр иһин түһүнэллэр. Бахрейнтан сылдьар 14 саастаах Лина Альхани харбааһынынан 10-с сылын дьарыктанар. Саха сирэ наһаа тымныы, ол эрээри мин настройбун ол алдьаппат диэн үллэһиннэ.
Лина Альхани, "Азия оҕолоро" оонньуу кыттыылааҕа: «Үчүгэйдик кытынным дии санаатым. Миэхэ бу дистанциям судургутук бэрилиннэ, онон салгыы да ыарырҕаппатым буолуо».
Оттон уус-уран гимнастикаҕа Саха сириттэн 2 сүүмэрдэммит хамаанда кыттыыны ылла. Гимнастиканан 9-с сылын дьарыктанар 15 саастаах Пираниин Самаккиякулга маннык таһымнаах күрэхтэһии хаһыс да төгүлүн буолар. Дети Азии курдук күрэхтэргэ саҥа доҕоотору көрсөр саамай сүрүнэ диэн бэлиэтээтэ.
Пираниин Самаккиякул, "Азия оҕолоро" оонньуу кыттыылааҕа: «Бары хамаандалар күүскэ бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Ол эрээри биһиги эмиэ кыайарга бары күүспүтүн уурабыт, бэлэммит олох үчүгэй».
Дьокуускай 5 күн иһигэр күрэхтэһии тыынынан туола оҕуста. Куорат хас биирдии муннугар тыҥааһыннаах күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Спорду сэҥээрээччилэргэ Аан дойду таһымнаах оонньуулар олимпиадаҕа тэҥнээх, хатыламмат дьоллоох түгэни бэлэхтээтилэр. Оттон кэлбит спортсменнарга аҥардас кыайар эрэ туһунан санаа буолбакка, доҕордоһор, сибээһи олохтуур санаалара баһыйар.