"Албан аат көмүс кинигэтэ" диэн сэдэх кинигэ сүрэхтэннэ

132

"Албан аат көмүс кинигэтэ" тас көрүҥүнэн да, ахсаанынан да, ис хоһоонунан да ураты, хатыламмат кинигэ. Биир эрэ экземплярдаах,  пааматынньык кэриэтэ таһаарыы Национальнай библиотека историческай саалатыгар туттарылынна.   Онон мантан инньэ ким баҕалаах көмүс кинигэни ааҕар, уһулуччу дьоммутун үөрэтэр кыахтанна. 

Светлана Яковлева, бырайыак ааптара:"Кинигэ биир эрэ ахсааннаах. Онон эмиэ оһуобай туруктаах. Элбэхкиһи көрүүтүгэр-истиитигэр Национальнай библиотека сайтыгар баар буолуо".

Кинигэ 20 киилэ ыйааһыннаах, тирии тастаах, 67 сантымыатыр усталаах, 45 сантымыатыр туоралаах уонна 10.5 сантымыатыр халыҥнаах.  Историческай саала биир көстүүлээх сиригэр туруоҕа, онуоха анаан норуот маастара Николай Петров сэдэх мастан  анал постамен оҥорбут.  Кинигэҕэ барыта 588 киһи аата көмүс буукубанан сурулла. Ол курдук араас хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэ сайдыытын туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьон киирдилэр. Олор истэригэр биллэр судаарыстыбаннай уонна общественнай деятель Люлия Николавна Григорьева.

Люлия Григорьева, Ытык сүбэ бэрэссэдээтэлэ:"Сэдэх кинигэҕэ герой буоллум. 588 киһи киирбит, соҕотох кинигэҕэ дьоруой буоллум. Махтанабын миигин ииппит партиябар, махтанабын Сэбиэскэй сойууспар, махтанабын миигин кытта бииргэ үлээбит дьоммор". 

Кинигэҕэ киирэр дьону талыыга анал экспертнэй сэбиэт үлэлээбит, онтон ааптардар олохтоох кинигэ кыһата. Бырайыак ааптара Светлана Яковлева. Кини өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаан бэлэх оҥорор сыаллаах толкуйдаан, бу бырайыагы олоххо киллэрбит.

Клавдия Хатылаева, СӨ норуодунай артыыһа:"Светлана Яковлева наһаа үчүгэй быраас, киһи быһыытынан киһиэхэ сыһыана олус  үчүгэй, куруутун дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарар. Ол түмүгэ буолуо дии саныыбын. Бу кинигэҕэ киирбиппититтэн олус диэн үөрэбит, киэн туттабыт".

"Албан аат көмүс кинигэтин" национальнай библиотека историческай саалатыгар ааҕыахха сөп, эбэтэр QR-кодунан миэстэтиттэн тутулуга суох.