Таба ахсаана элбиир

39

Саха сиригэр таба ахсаана элбиир. Кун бүгүн 171 тыһ. таба ааҕыллар, бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 5% үрдээтэ. Саамай элбэх табалаах улууһунан Усуйаана, манна 31 тыһ. таба баар. Улуус урукку өттүгэр табатын ахсаанын 35 тыһ. тиийэ тириэрдэ сылдьыбыт уопуттаах, онон бу ситиһиитин 2-3 сылынан хатылыыр соруктаах. Былырыын уопсайа 162 тыһ. тахса табалаах этибит. Онон Саха сирэ дойдуга табатын ахсаанынан үһүс миэстэҕэ сылдьар.