Саха сиригэр 2030 сылга диэри эбии 40 тахса нэһилиэнньээх пууҥҥа күөх төлөн тиийиэҕэ
Главное
-
24 ноября в 09:51Пять мобильных педиатрических комплексов направят в районы Якутии в рамках нацпроекта
-
24 ноября в 09:21Креативный кластер "Квартал Труда" за время работы посетили более 500 тысяч человек
-
24 ноября в 09:08За первый год работы SMART-поликлиника в Якутске приняла 264 тысячи пациентов
-
24 ноября в 08:51Жители Мирнинского района заметили песца и зайца-беляка
Гаас тэрилтэтин офиһыгар киһи кэлиитэ көхтөөх. Ким гаас төлөбүрүгэр, ким холбонуу боппуруоһунан уочараттыыр. Хатас олохтооҕо элбэх оҕолоох ыал аҕата Ион Львов саҥа туттубут дьиэтигэр гаас киллэттэрээри сайаапка түһэрэ кэлбит.
Ион Львов, Хатас олохтооҕо: «Элбэх докумуон наада буолуо дии санаабытым, отой да боростуой эбит».
Оттон Хаҥалас улууһун Покровскай куоратын олохтооҕо Мария Саввина Дьокуускайга баар учаастагар дьиэ туттан гаас киирэрин күүтэ сылдьар. Аны сайын холботторууга эбии сөбүлэҥ түһэрсэ кэлбит, үлэһиттэр барытын өйдөтөн биэрэллэрэ олус көмөлөөх диэн санаатын үллэстэр.
Мария Саввина, Хаҥалас улууһун олохтооҕо: «Олус туһалаах, тоҕо диэтэххэ үчүгэй баҕайытык үлэһиттэр кэлэн сүбэлииллэр».
Быйылгы сылга Саха сирин үрдүнэн уопсайа 2 тыһыынчаттан тахса киһи социальнай гаастааһын бырагырааматынан дуогабар түһэристэ, онтон 1700-тэн тахса дьиэҕэ гаас номнуо холбононон турар. Билигин даҕаны кыһыннары үлэ саҕанар.
Ол курдук илин эҥэрдэргэ, Бүлүү бөлөх улуустарга, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүн гааһынан хааччыйыыга үлэ барар.
Валерий Слепцов, "Сахатранснефтегаз" тэрилтэҕэ техническэй холбооһун салаатын салайааччытын солбуйааччы: «Быйыл Нерюнгрига Иенгра диэн дэриэбинэни холбоотубут. 25 чыыһылаҕа Өлүөхүмэҕэ гаас ыытыахтаахпыт. Ити “Газификация Южной Якутии” бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар».
Маныаха 2030 сылга диэри эбии 40-тан тахса нэһилиэнньээх пуунна күөх төлөн тиийиэҕэ. Бу туһунан Ил Дархан аһаҕас биэриигэ эмиэ сырдатта.
Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Со следующего года должно начаться строительство газопроводов по выходу на левый берег Вилюя в Верхневилюйском районе. И в перспективе в Нюрбинский район».
Социальнай гаастааһын бырагырааматыгар ким баҕарар хапсар кыахтаах. Маныаха гаас тиэргэн кыраныыссатыгар диэри кэлэр. Онтон дьиэ иһигэр диэри тартарыыга, нэһилиэнньэ кэккэ араҥата бэтэрээннэр, инбэлиитэр, кыра дохуоттаахтар, элбэх оҕолоохтор, анал байыанай дьайыы кыттыылаахтар субсидиянан туһанар кыахтаах.