"Баһаары сэрэт - АДПИ туруор" аахсыйа ыытыллар

83

93-үс хаарын уулларбыт ытык кырдьаҕас Матрена Осипова дьиэтигэр күн бүгүн олохтоох баһаарынай чаас үлэһиттэрэ кэллилэр. Бүгүҥҥү ыалдьыттар "Олоххун харыстаа - АДПИ  туруор" диэн социальнай аахсыйа чэрчитинэн кэллиллэр. Дьиэ куукунатыгар бу күн баһаар бастакы сөкүүндэтиттэн биллэрэр тэрил ыйанна.

Григорий Осипов, Тумул сэлиэнньэтин аҕыйах ахсааннаах баһаарынай чааһын салайааччыта: «Бу АДПИ потолуокка туруохтаах, кини 5 сөкүүндэ буола-буола кыһыл уот умайар, ол аата үлэлиир диэн буолар. Кини буруо тахсар түгэнигэр улахан тыас таһаарар. Утуйа сытар киһи истэн уһуктар. АДПИ элбэх киһини уоттан быыһаабыта. Хас биирди ыалга маннык туруорарга үлэлэһэбит».

Чахчы, АДПИ олус кыра эрээри суһал тирээтэҕинэ саамай көдьүүстээх тэрил буолар. Статистика көрдөрөрүнэн итиэннэ үөһээ этиллибитин курдук бу буруо датчига үгүс ыал олоҕун быыһаабыт. Маны чааһынай эрэ дьиэлэргэ буолбакка, элбэх кыбартыралаах дьиэлэргэ эмиэ туруораллар. Холобура, Модуттар бүгүҥҥү күн туругунан 193 ыалга бу тэрили ыйаабыттар.

Александр Винокуров, Тумул сэлиэнньэтин аҕыйах ахсааннаах баһаарынай чааһыгар караул начальнига: «Кыбаартал аайы кэрийэбит. АДПИ 100% турар номнуо. Кэтиир сирбит Бүтэй үрдэ диэн баар, Модуттан 12 км. курдук уонна хоту өттүтүгэр Фрунзе диэн бөһүөлэк. Икки тиэхиньикэлэхпит».

Модуттар бу курдук 3 нэһилиэги бааһаартан сэрэтэллэр. Уот тахсар түгэнигэр бастакы кинилэр тиийэллэр. Нэһилиэктэргэ "Олорор дьиэ", "Гараж" диэн ааттаах онтон да атын профилактическай аахсыйалары ыыталлар. Онтон манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ урдунэн сыл саҕалыаныаҕыттан 9634 АДПИ турда, ол эбэтэр 8000 ыал.