Кыһыҥҥы муус суоллары оҥоруу салҕанар

71

Мууһу көйөр тыас сарсыарда 8 чаастан киэһээ күн киириэр диэри тохтообот. Өлүөнэ өрүһү уҥуор туоруур Хатас - Павловскай хайысханан маҥнайгы суол бэлэмнэниитэ күөстүү оргуйар. Сырыыны хааччыйар киин куорат тымырын үлэҕэ киллэрээри тиэтэйэллэр. Билигин сүрүн үлэ өрүс үөһүгэр тиийдэ.

25 саастаах эдэр уол - Петр Сивцев үлэлээбитэ маҥнайгы күнэ. Онон тыйыс тымныыга эт-сиин күүстээх үлэтигэр бастакытын холонон көрөр. Өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах суол оҥоруутугар кыттыгастаах буолан үөрүүтэ үгүс.

Пётр Сивцев, үлэһит: «Наар интириэһиргиир этим хайдах маннык суол оҥоһулларын. Билигин дьэ биллим. Үлэ чэпчэкитэ суох эбит. Томмокко сылдьабын, сылаастык таҥна сылдьабын».

Мууһу тобулары таһынан өссө биир олус суолталаах уонна эппиэтинэстээх үлэ. Суол сытыахтаах сирин мотопомпанан уу кутан халыҥаталлар, бөҕүргэтэллэр.

Мотопомпа көмөтүнэн мууһу 2 бүк халыҥаттылар. Бу барыта улахан тиэхиникэ салгыы үлэҕэ киирэригэр туһуланар.

Игнатий Избеков, ООО "Мехдорстрой" тэрилтэ сүрүн инженерэ: «Улахан кыдьымахтары алдьатабыт, кыралары тиэхиньикэ анньар. Ол кэннэ халыҥатыы барыа».

Хатас - Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суол быһа барыллаан ахсынньы 10 күнүгэр арыллара күүтүллэр. Тустаах үлэһиттэр бэлиэтииллэринэн маннык тымныы күннэр турдахтарына болдьохтон хойутааһына суох эбэтэр аҕыйах күн эрдэлээн тимир көлө сырыыта саҕаланыаҕа.

Семён Павлов, СӨ суол-иис салалтатын салайааччытын солбуйааччы: «Сүрүн сыалбыт – халыҥмытын ыламмыт, севернай завозка, таһаҕас, бородуукта куоракка тиэйиллэрин курдук, түргэнник суол оҥороору үлэлии сылдьабыт».

2026 сылга Саха сиригэр уопсайа 10 тыһыынча км. усталаах 50 кыһыҥҥы суох арыллара күүтүллэр. Билиҥҥи туругунан хоту улуустарга, маны таһынан Ньурба улууһугар Бүлүү эбэни уҥуор туоруур суоллар толору үлэҕэ киирэн тураллар.