Дьокуускайга үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕа ыытылла турар

76

Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин чөл туруга, учуутал, уһуйааччы быһыытынан уһун үйэлэнии уонна саамай сүрүнэ оҕолорго чэбдик эйгэни тэрийии. Быйылгы атырдьах ыйынааҕы мунньах кыттыылаахтара ити ыйыллыбыт боппуруостар тула үөрэҕирии сайдыытын дьүүллэһэллэр.

Степан Степанов, СӨ үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччы: «Тиэмэбит – “Здоровьесберегающие технологии” диэн, ол аата доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах эрээри, үөрэх эйгэбитигэр диэн. Ол аата биһи оҕолорбут, учууталларбыт ис туруктарын бөҕөргөтүүгэ чуолаан болҕомто ууруохтаахпыт».

Учууталлар мунньах тула мустар эбит буоллахтарына оҕолор Орджоникидзе болуоссатыгар бэрт тэтимнээх тэрээһиҥҥэ тоҕуоруспуттар. Манна оҕо сайыҥҥы сынньалаҥҥа, эбии үөрэхтээһин, чөл эйгэни тэрийии "СахаЛето-2026" диэн бэстибээлгэ сырдатыллар.

Светлана Иванова, Амма 1№-дээх оскуолатын оҥорон таһаарыы үөрэхтээһинин маастара: «Бэстибээлгэ кытта кэллим уонна бэйэбит бородууксуйабытын аҕаллыбыт. Биһиги лааҕырбытыгар биир сменаҕа 12 оҕо сылдьар, 3 смена буолла. Оҕуруоттаахпыт, мүөт оҥоробу уонна эмтээх отторунан дьарыктанабыт».

Бэстибээл өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үлэлээх лааҕырдарын, үөрэх тэрилтэлэрин түмпүт. Манна араас маастар кылаастар, доруобуйаны бэрэбиэркэлээһин ыытыллар.

Үөрэҕирии эйгэтигэр билиини биэриини таһынан оҕону иитии улахан суолталаах. Бу тутаах хайысхаҕа учууталлар  3 күн устата тохтуохтара.  Тэрээһини оҕо саас илдьиттэрэ киин 3 сылын тэрийэн ыытар.

Вера Павлова, "Оҕо саас илдьиттэрэ" кииҥҥэ бырайыактары уонна бырагыраамалары салайар исписэлиис: «Хас биирдии оскуолаҕа иитии эйгэтигэр араас хайысхалар биһиэхэ үлэлииллэр. Холобура, оскуола тыйаатыра, медиацентр, киинэ кулууптара, байыаннай-патриотическай кулууптар. Барытын бииргэ ситимнээн, ситиһиилээх, көрдөрүүлээх үлэ тахсарын туһугар үлэ барыахтаах».

Быйылгы мунньах тосхолунан кэлэр үөрэх дьылыгар оҕо доруобуйатыгар, ас хаачыстыбатыгар, оскуола иһинээҕи уйулҕа туругар улахан болҕомто уруллуо.

Анатолий Федоров, Өрөспүүбүлүкэтээҕи тылларыгар кэһиллиилээх оҕолор анал интэринээт-оскуолаларын дириэктэрэ: «Билиҥҥи кэмҥэ сөптөөх тиэмэ. Үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр сыһыаннаах. Оҕолорбут доруобай буоллахтарына ситиһиилээх ыччаттар буолан тахсыахтара».

Атырдьах ыйынааҕы мунньахха киирбит этиилэр саамай инникитин үөрэхтээһин сайдыытыгар олоххо киириэхтэрэ.