Күүстээх ириэрии иннинэ дьон хайыһардаан, сырылаан хаалар

67

Хайыһар сырылыыр тыаһа ыраахтан иһиллэр.   Күн дьыл туруга сылаас, хаар сымнаҕас уонна сахсархай. Бу кэмҥэ хайыһары таптааччыларга,  сибиэһэй салгыҥҥа дьарык саамай тоҕоостоох.  Сыыр үрдүгэр туран эрэ, салгыны түөскэр хомуйан, куораты үөһээттэн көрөр олус долгутар.

«Куорат олохтоохторугар уонна спортсменнарга анаан олунньу ыйтан быһа 90 миэтэр үрдүктээх, 450 миэтэрэ уһуннаах хайыһардыыр уонна сырылыыр сир үлэлии турар», - Афанасий Канаев, корреспондент.

Хайыһардыыр сири көрүүгэ элбэх ирдэбиллээх. Онтон биирэ - хас күн аайы трассаҕа эбии хаар куталлар.

Үлэһиттэр хаары сыырга ыһаллар, сырылыыр суолу көннөрөллөр, дьаарыстаан биэрэллэр. Онтон киэһэ улахан сырдыктаах лаампалары туруораллар, ол иһин сарсыардаттан түүҥҥэ диэри үлэ тохтоло суох бара турар.

Андрей Захаров, хайыһар баазатын  салайааччыта: "халлаан эрдэ сылыйда, олш иһин күнүс сырылаатахтарына сыырбыт 2-3 күнүнэн хаара барыта бүтэн тохтуур кутталлаахпыт. Ол иһин киэһэ 6 чаастан арыллан үлэлиибит".

Күҥҥэ 100-тэн тахса киһи сырылыыр. Сыыртан түһэр элбэх ирдэбиллээх. Кэтэн турар таҥаскыттан саҕалаан, сыыр үрдүгэр тахсыыга диэри. Базаҕа үлэлиир дьон хайыһардыы кэлбит ыалдьыттарга инструктаж ыытан баран, бураҥҥа  олордон сыыр үрдүгэр таһаараллар.

База икки сырылыыр сирдээх. Үрдүктэрэ уонна уһуннара тэҥ эрээри биирдэстэрэ синньигэс. Спорсменнар кэтит суолу таланнар, күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэллэр. Онтон синньигэс өттүтүгэр, иллэҥ кэмигэр сибиэһэй салгыны сии кэлбит, куорат олохтоохторо хатааһылыыллар. Сүрүнүн туризм эйгэтин сайыннараары үлэлиибит диэн база салайааччыта этэр.

Быйыл эрдэ сылыйан хайыһар кэмэ эмиэ эрдэ түмүктэнэр буолуо диэн сабаҕаланар. Ол эрэн эбии хаар кутан төһө кыах баарынан өр  үлэлэтэр былааннаахтар.