"Бастыҥнар хамсааһыннарын" көрсүһүүлэрэ саҕаланна
Главное
-
20 июня в 15:00Дмитрий Садовников проверил ход строительных работ на важных объектах Якутска
-
20 июня в 14:30Айсен Николаев с рабочим визитом посетил Нерюнгринский район
-
20 июня в 12:1321 июня в 19:00 смотрите программу "ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым" на телеканале "Россия 24"
-
20 июня в 12:00Порядка 500 видов работ провели психологи Якутии для участников СВО и их семей за неделю
-
20 июня в 11:40Общий призовой фонд конных скачек на приз Главы Якутии составит более 6 млн рублей
Бастакы күн "Бастыҥнар хамсааһыннар" уһуйааччыларын сүрэхтээтилэр. Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар эдэр учуутал Айаана Габышева бу хамсааһыҥна киирбитэ үһүс сыла. Бу сыллар устата оҕолору дьарыктаан, сайыннаран, элбэх күрэхтэргэ кытынннаран ситиһиилэрэ үгүс. Уһуйааччы үрдүк аатын ылан үөрүүм муҥура суох, мантан ыла өссө элбэх кыайыылары ситиһиэхпит диэн этэр.
Айаана Габышева, "Бастыҥнар хамсааһыннара" уһуйааччыта: "Мин юннаттары илдьэ сылдьабын.2023 сылга юннат күрэҕэр кыайаммыт Камчаткаҕа баран кэлбитим.Онтон ыла наставнигынан үлэлии сылдьабын".
Хамсааһын дойду үрдүнэн эдэр көлүөнэни, ыччаты сомоҕолуур, оҕолору дойдууга бэриниилээх буолууга иитэр. Күн бүгүн бастыҥнар хамсааһыннарыгар 120 тыһыынчаттан тахса кыттааччы баар. Манна оҕолор хас да хайысханан дьарыктаналлар.
Юрий Балаганский, "Бастыҥнар хамсааһыннара" олохтоох салаатын бырайыактары салайааччыта: "Бу хамсааһын оҕолорго дойдуга бэриниилээх буолууга иитиини биэрэр. Саха сирин бары улуустарыгар бу хамсааһын үлэлиир. Барыта 48 бырайыактаахпыт. Манна бары хайысхаларга оҕолору киллэртээн, үлэлии сылдьабыт".
Бу хасмааһыҥна киириэн баҕалаах ыччат сылын аайы элбээн иһэр. Оҕолор манна бэйэ дьоҕурдарын арыйаллар, сатабылларын көрдөрөллөр.
Владимир Софронов, "Бастыҥнар хамсааһыннара" кыттааччыта: "2023 сылга киирбитим. Үгүс оҕону кытта алтыһабын. Элбэх тэрээһиннэргэ сылдьабын".
Павел Нажгинов, "Бастыҥнар хамсааһыннара" кыттааччыта: "Бу хамсааүын мин үгүс күүстээх өрүппүн арыйда. Саамай сүрүнэ тугу эрэ оҥорого баҕалаах буоларыҥ уонна ону кытта үллэстэриҥ".
Үлэ сүрүн хайысхатынан хаачыстыбалаах үөрэҕи, көхтөөх майгыны, история өйдөбүлүн харыстааһыны иҥэрии буолар. Россиятааҕы хамсааһыҥҥа үүнэр көлүөнэ эрэ буолбакка, араас холбоһуктар, баҕалаахтар кыттыһыахтарын сөп.