Амма улууһун Эмис нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа Евдокия Пестерева 90 сааһын туолла

48

Амма улууһун Эмис нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Евдокия Пестерева. Сэрии сылларын аас-туор олоҕор 7 саастаах кырачаан кыыс этэ. Ол эрэн кырабын дэммэккэ улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн кыайыыны турууласпыт ытык киһибит. Билигин 90 саастаах Евдокия Егоровна нэһилиэк олоҕор көхтөөх кыттааччы.

Евдокия Пестерева, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Эмис нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо: «Доруобуйа этэҥҥэ. Сахалыы ииһи сөбүлүүбүн уонна оҕо эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүбүн».

Евдокия Егоровна тарбаҕар талааннаах, айылҕаттан мааны куоластаах. Билигин да ыллыы-туойа сыдьар. Сиэннэрин, хос сиэннэрин кытта сахалыы остуол оонньууларыгар оонньуур. Олоххо көхтөөх, нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэри көтүппэт барытыгар кыттар, чөл олохтоох буолан уһун үйэлэннэ диэн чугас дьонноро этэллэр.

Анжелика Иванова, Е.А. Захарова - Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура киинин дириэктэрэ: «Евдокия Егоровна билиҥҥээҥҥэ диэри ыллыыр. 90 сааһын бары бэлиэтээбиппит, ансаамбылын кытта ыллаан уонна бэйэтэ соҕотоҕун биэс ырыаны толорбута».

Күн бүгүн Амма улууһугар 38 үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ олорор, сэрии кыттыылааҕын огдообото 5, сэрии тулаайаҕа 11 уонна сэрии сылын оҕолоро 186 киһи баар. Улуус дьаһалтатын өтүттэн көмө тохтообот.

Степан Кузьмин, Амма улууһун баһылыга: «Былааммытын бигэргэтэн олоробут, уопсайа 80 кэриҥэ тэрээһиннэр буолаллар».

Амма улууһа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр фроҥҥа көмөтө сүҥкэн этэ. История чахчытынан 48 киилэ үрүн көмүс, 3000 кэриҥэ сылаас таҥас, маны таһынан тыа хаһаайстыбатын араас аһа-үөлэ, хортуоскатыгар, бурдугар тиийэ  барбыта.

Мария Захарова, Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ: «Ытык мааны дьоннорбут үлэлээн ааспыт олохторун, үлэлэрин ыччакка сырдата сатыахтаахпыт».

Амма улууһа Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөргө бэлэм. Аҥардас Эмис нэһилиэгэ 20-тэн тахса тэрээһини ыытар былааннаах. Онно барытыгар Евдокия Егоровна көхтөөх кыттыыны ылаары, бэлэмнэнэ сылдьар.

Евдокия Пестерева, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Эмис нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо: «Эдэр ыччат үлэлээн, үөрэнэн үчүгэйдик сырыттыннар уонна доруобай, эйэлээх буолуннар бары».

Амма улууһа 14 нэһилиэктээх. Кыайыы сылын чэрчитинэн историяны үйэтитэр сыаллаах кинигэлэри бэчээттэһин номнуо саҕаланна.