Кыайыы Кыһыл Знамята Өймөкөөҥҥө
Главное
-
31 января в 10:15В детском лагере "Спутник" в Якутске открылись новые корпуса
-
31 января в 09:56В Якутии завершился региональный этап Всероссийской олимпиады школьников по астрономии и искусству
-
31 января в 09:36Более полутонны гуманитарной помощи отправили в зону СВО волонтеры Якутии
-
31 января в 09:15Спортсмены из Якутии завоевали 2 золотые медали на Первенстве ДФО по лыжным гонкам
Бу курдук Кыайыы Знамята тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө тиийдэ. Кыайыы күнүгэр диэри 100 күн хаалбыт бэлиэ күнүгэр тиийбит Кыайыы былааҕын олохтоохтор уруйдаан көрүстүлэр.
Кыайыы бэлиэтин туттарар эстафета манна Томпо улууһуттан бэрилиннэ. Төһө да тымныы күн дьыл турдар сүрэххэ сылаас. Кыайыы туһунан өйдөбүлү кэлэр кэнчээригэ тириэрдэр сыалтан итиэннэ дьоруойдуу уонна хорсун буолуу өйдөбүллэрин үйэтэтиигэ түмэр, улахан суолталаах тэрээһин буолар.
Аксиния Сивцева, Өймөкөөн улууһун култуура уонна туризм салаатын салайааччыта: "Өймөкөөҥҥө -55 кыраадыс тымныы. Онон оскуолалар үлэлээбэттэр. Ол эрэн сарсыарда 10 чааска Өймөкөөҥҥө Кыайыы скверыгар мустаннар сүрдээх долгутуулаах көрсүһүү оҥордулар. Ити кэннэ үөрэнээччилэр оскуолаҕа мустаннар, уһуйааччылар кэлэннэр сүрдээх истиҥ көрсүһүү ааста".
Өймөкөөн кэннэ эстафета Кэбээйи улууһугар тиийиэҕэ. Бу курдук Кыайыы Знамята Саха сирин бары улуустарыгар сылдьан ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Дьокуускай куоракка кэлиэҕэ.
Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күммүт чугаһаата. Бэлэмнэнии үлэтэ номнуо саҕаламмыта. Араас хабааннаах тэрээһиннэр, аахсыйалар ыытыллаллар, маны таһынан Кыайыы сайта үлэлиир.
"Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт сайн үлэтин номнуо саҕалаабыта. Манна ким баҕалаах Аҕа дойду сэриитигэр сыһыаннаах хаартыскалары, ахтыылары угуон сөп". Ирина Гольдерова
Маны таһынан Саха сиригэр Кыайыы волонтердара күүс-көмө буолаллар. Кинилэр киин куоракка эрэ буолбакка, улуустарынан көрсүһүүлэри, оскуолаларга кылаас чаастары ыыталлар. Үлэ хас да хайысханан барар.
Николай Бурцев, Кыайыы волонтёра: "Биһиэхэ “Көлүөнэ ситимэ” диэн хайысха баар. Манан биһиги бэтэрээннэрбитин илдьэ, көрө сылдьабыт.Оҕолорбут Саҥа дьылга баран эҕэрдэлээбиттэрэ, туох көмө баар буолла да баран көмөлөһө турабыт, баран чээйдээн ирэ-хоро кэпсэтэбит".
Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан Ил Дархан Айсен Николаев ыытыллар үлэни, торуму бигэргэтэн турар, ол чэрчитинэн үлэ биир ситимнээхтик барыаҕа.