Быһааччылар улахан тургутууну аастылар
Главное
-
31 января в 09:15АГАТУ устудьуоннара бааһырбыт байыастарга кус үргээн ыыталлар
-
31 января в 09:09Общая раскрываемость преступлений увеличилась в Якутии
-
31 января в 08:47В Якутии участник СВО стал начальником штаба военно-патриотического движения "Юнармии"
-
31 января в 08:15#ПозывнойКультура: Театр оперы и балета Якутска вошел в финалисты конкурса "Театр Победы"
Водолаз 4 миэтэрэ дириҥтэн, ууга түспүт массыынаттан киһи өлүгүн таһаарар. Үөрэх оҥкулунан Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан бородуукта тиэйэн испит 2 киһилээх ЗИЛ массыына уга түспүтүн туһунан суһал итиннэрии киирэр. Бастатан туран, быһылаан ханна буолбутун чопчу көрдөөн, быһааран булуу. Бу анал аэромобильнай быыһыыр салаа үлэтэ.
Роман Герасимов, регионнааҕы анал быһыыр аэромобильнай салаа салайааччыта: “Биһигини кытта ГИББД, ирбэт тоҥу чинчийэр институт, хайаны үөрэтэр институт тэҥҥэ үлэлэстилэр. Кинилэр муус халыҥын чинчийдилэр, оттон суол үлэһиттэрэ суол оҥорон биэрдилэр”.
Салгыы суһал ыстаап түспүт массыынаны, тимирбит дьону хостооһунан дьарыктанар. "Куттала суох Арктика" уопуттуур-чинчийэр тэрээһинин чэрчитинэн бары быыһыыр сулууспалар кыттыылаах улахан үөрэххэ бэл Хабаровскай быыһааччылара кэлэн кытыннылар.
Тарас Романивко, Хабаровскайдааҕы ЫБММ салалтатын быыһааччыта: “Водолазка саамай ыарахан ууга түһүү, туох баар ыархан ыйааһыннаах малгын сүкпүтүнэн умсаҕын”.
Икки водолаз тус-туһунан икки киһини таһаараллар, биири - массынаҕа хаайтарбыты, биири ууттан булан хостууллар. Бу кэмҥэ катастрофа медицинэтин киинин үлэһиттэрэ бэлэм тураллар.
Айталина Сильвестрова, СӨ катастрофаларга медицинэтин киинин исписэлииһэ: “Маннык үөрэтиилэргэ наар сылдьабыт. Холобур, улахан тэрилтэлэр үгүстүк ыҥыраллар. Ниэп тохтуута да буоллун”.
Үөрэххэ вертолету эмиэ кытыннардылар. Ыксалаах түгэҥҥэ дьону суһаллык эвакуациялыырга, биитэр эбии көмөнү аҕалары тургутан көрдүлэр.Салгыы ууга түспүт массыынаны таһаарыы түгэнэ кэллэ.
“Анал тиэхиньикэ көмөтүнэн бытааннык таһааран эрэллэр. Үөрэх 2,5 чаас устата барда. Оттон бу быһылаан дьиҥ олоххо буолбута буоллар элбэх бириэмэни эрэйиэ этэ”. Татьяна Николаева
Маннык суһал уустук усулуобуйаҕа хайдах баҕарар балаһыаннньа үөскүөн сөп. Ол курдук ыарахан улахан тиэхиньикэни таһаарыыга трос быстан, хостон бэлэмнээн погрузчик көмөтүнэн кэмниэ кэнэҕэс хостоотулар. Манна кыттар быыһааччылар дьиҥнээх олоххо ууга түспүт массыыналары хостообут уопуттаахтар.
Александр Максимов,СӨ ЫБММ көрдүүр-быыһыыр этэрээтин быыһаачыта: “Маннык балаһыанньаҕа муус халыҥыттан, төһө улахан массыына түспүтүттэн тутулуктаах. Инники КАМАЗ массыынаны таһаара сылдьыбыппыт. Кыра көлөлөрү эмиэ хостообуппут”.
Үөрэх сыалын-соругун ситэн бэлэминэнии үрдүк таһымнаах буолла.