"Куттала суох Арктика" чинчийэр үөрэтиилэри салҕыыллар

79

Аан тыл этиллэн, "Куттала суох Арктика" ыксаллаах быһыы-майгы үлэһиттэрин уопутунай-чинчийэр үөрэтиилэрин чэрчитинэн ыытыллар дьылабыай бырагыраама арыллар. Үгэскэ кубулуйан 2021 сыллаахтан ыытыллар тэрээһин быйыл үгүс элбэх кыттааччыны түмтэ. 

Андрей Никифоров, : "Артикаҕа ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ хайдах туоратар туһунан кэпсэтиэхпит. Онтон салгыы оҕолорго аналлаах тэрээһиннэри ыытыахпыт. Ол курдук баһаарынай чаастарга аһаҕас аан күннэрин ыытыахпыт. Бу идэ туһунан сиһилии оҕолорго билиһиннэриэхпит".

Сылтан сыл аайы Арктикаҕа болҕомто күүһүрэр. Дойду эрэ таһымыгар буолбакка, бүтүн аан дойду үрдүнэн.Ону кытары тэҥҥэ манна олорор нэһилиэнньэ олорор усулуобуйата. Кэлиҥҥи  кэмҥэ күн-дьыл туруга да уларыйан, ити эҥээр айылҕа күүһэ бэйэтин биллэрэр. Бу маны кытары бу эйгэ үлэһиттэрэ сөпсөһөллөр.

Николай Находкин, "Россоюзспас" Саха сиринээҕи салаатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, РФ бочуоттаах поляринга: "Күүстээх сылыйыы бара турар. Климат олус күүскэ уларыйар. Биһиги да манна ону өйдөөн эрэбит. Ол иһин эрдэттэн бэлэмнэниэххэ наада диэн. Ол иһин маннык түмсэбит, учуонайдар санааларын истэбит".

Бу күн Арктика усулуобуйатыгар үлэлиир тиэхиньикэлэр быыстапкалара дьон дьүүлүгэр турда. Холобур, Саха сирин Быыһыыр сулууспата уу -муус анныгар туттар оборуудабанньаларын көрдөрдүлэр.

Пётр Огудов, СӨ быыһыыр сулууспатын 4 кылаастаах водолааһа: "Биһиэхэ саҥа оборуудабанньа кэлбитэ. Водолазтарга аналлаах төлөппүөн ыстаансыйата, салгыны аттарар тэрил баар буолла. Бу аппараакка икки водолаз тэҥинэн туһаныан сөп.Итиэннэ биһиги идэбитигэр саамай туттуллар гидролокаторбытын быыстапкаҕа аҕаллыбыт".

Бырагыраама киэҥ далааһыннаах буолла. Дьылабыай кэпсэтиилэри кытары таһырдьа эмиэ тэрээһин буолла.

"Таһырдьа турбут быыстапкаҕа уопсайа 18 улахан кыамталаа тиэхиньикэ көрдөрүүгэ турда. Балар бары Арткика усулуобуйатыгар сөп түбэһэллэр. Манна ЫБММ эрэ буолбакка доруобуйа харыстабылын, быһыыр сулууспа уонна баһаарынайдар тиэхиньикэлэрэ турда"

Манна кэлбит ыалдьыттар миэстэтигэр ыксаллаах быһыы-майгы буолар түгэнигэр тиэхиньикэни хайдах туттары биллиллэр. Уопсайынан бу тэрээһиҥҥэ араас биэдэмистибэттэн сылдьар ыалдьыттар үгүс элбэх саҥаны көрдүлэр-иһиттилэр.

Пётр Аргунов, Өлүөнэ өрүс тардыытын ууга салалтатын салайааччы : "Геоинформационнай систиэмэ киирбит эбит. Халаан кэмигэр кэтээн көрүүнү оҥорор кыахтаах. Билиҥҥи спутниктар былыттаах да күҥҥэ муус ханна тиийбитин көрөр кыахтаахтарын биллим".

Оттон манна чопчулаан этэр буоллахха, "Куттала суох Арктика" уопутунай-чинчийэр үөрэтиилэр манан түмүктэнэн хаалбакка, өссө салгыы араас тэрээһиннэр ыыттылыахтара.