Биир кылаас дойду бэстибээлиттэн түөрт нүөмэргэ бастыҥ буолары ситистэ
Главное
-
30 января в 09:32Свыше 200 жителей Якутии обратились за помощью в Комитет семей воинов Отечества
-
30 января в 09:09Общественная палата Якутска утвердила план работы на 2025 год
-
30 января в 08:43В Якутии социальную реабилитацию прошли более 380 членов семей участников СВО
-
30 января в 08:17Глава Якутии высоко оценил вклад Нижнеколымского района в поддержку бойцов спецоперации.
"Хотугу сулустар" оҕо ансаамбыла ааспыт нэдиэлэҕэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр ыытыллыбыт улахан бэстибээлгэ ситиһилээхтик кыттан, кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн дойдуларыгар төнҥөн кэллилэр. Ансаамбыл маннык үрдүк таһымнаах күрэххэ аан бастакытын кыттынна.
Бэстибээлгэ ансаамбыл анаан-минээн эрдэ бэлэмнэнэн, эбии дьарыктанан түөрт нүөмэрдээх барбыта. Барытыгар Гран-при хаһаайыттара буоллулар. Бу ситиһии кылаас эрэ буолбакка төрөппүттэр, учууталлар сыралаах үлэлэрин түмүгэ диэн кылаас салайааччыта махтана санаатын үллэстэр.
Саргылаана Игнатьева, Дьокуускайдааҕы политехническай 2№-дээх оскуола учуутала: «Идэлээх дьон көмөтө наада диэммин, икки салайааччы булбутум. Онон үҥкүүбүтүн Эдуард Иванов диэн хореограф салайар. Оттон фольклорго Елена Степанова уһуйар».
Кылааска барыта 35 оҕо үөрэнэр. Оҕолор маҥнайгы кылаастан фольклору, саха төрүт култууратын үөрэтэллэр. Кылаас, оҕо ситиһиитигэр төрөппүт оруола сүҥкэн. Төрөппүт уонна учуутал биир санаанан, бииргэ үлэлэһэрэ оҕо сайдарыгар төһүү күүс буолар.
Туйаара Платонова, төрөппүт: «Кылааспыт салайааччыта кылааспытын бүтүннүү илдьэ сылдьара саамай үчүгэй. Онтон биһиги төрөппүттэр олус үөрэбит. Бу оҕо сатаан үҥкүүлээбэт, ылаабат диэбэт. Барыларын бииргэ илдьэ сылдьар. Нүөмэр туруутугар учууталбытын кытта оҕолор бары тэҥҥэ сүбэлэһэн туруораллар. Манна төрөппүт көмөтө эмиэ улахан».
Оҕолор бэстибээлгэ кыттан Гран-при хаһаайыттара буолан итиэннэ сири-дойдуну көрөн үөрүүлэрэ муҥура суох.
Артур Чемпосов, Дьокуускайдааҕы политехническай 2 №-дээх оскуола 4-с кылаас үөрэнээччитэ: «Москва олус кыраһыабай. Кыһыл болуоссакка, телебашняҕа уонна океанариумҥа сылдьыбыппыт».
Кылаас инники былаан киэҥ. Өссө да саҥа интэриэһинэй туруоруулар, элбэх күрэхтэр, куонкурустар күүтэллэр.