Саха сиригэр сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии саҕаланна

71

Быйыл олус сымнаҕас кыһын. Маннык күн - дьыл саас өрүс эстиитигэр дьайыылаах буолуон сөп диэн Ил Дархан Айсен Николаев  бэлэми үрдүк таһымҥа ыытары сорудахтаата. Халаан сүрүннээн икки көстүүттэн тутулуктанар, муус уонна хаар халыҥыттан.

"Күһүн муус туруутугар Өлүөнэ эбэ толору таһымнаах тоҥмута. Билигин мууһун халыҥа нуормаҕа 20-чэ сантымыатырынан тиийбэт. Ол эрэн исписэлиистэр этэллэринэн, билигин да халыҥыы турар, кулун тутарга диэри 1,5 миэтэрэҕэ тиийиэ", - Мария Дмитриева, корреспондент.

Хаар халыҥа Өлүөнэ уонна Алдан эбэлэр икки ардыларынан нуорматтан чараас. Оттон Халыма Ингигир эбэлэргэ сөптөөх сөҥүү түспүт. Итиэннэ сыллата буоларын курдук Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар халыҥнык үллүктээбит. Бу көрдөрүүлэр саас муус барыытыгар улахан дьайыылаах буолуохтарын сөп. Онон кэмигэр ыытыллар бэлэмнэнии үлэтэ тоҕоостоох. Былырыын федеральнай үбүлээһин 28 мөлүйүөн эбит буоллаҕына быйыл биллэ эбилиннэ. 

Пётр Аргунов, Өлүөнэ өрүс тардыытын ууга салалтатын салайааччы: "Лаппа үрдээтэ. Ол курдук Өлүөнэҕэ, Халымаҕа 38 мөл. солк. курдук суумма көрүлүннэ. Оттон Алдаҥҥа, Аммаҕа, Нүүйэҕэ, Токкоҕо 17 мөл. солк. курдук. Ол аата уопсайа быйыл Саха сиригэр 54 мөл. солк. көрөн олоробут". 

Көрүллүбүт үбүлээһиҥҥэ быйыл уопсайа барыта 485 гектар иэннээх муус хараардыллыа итиэннэ 41 килэмиэтир эрбэниэ. Урукку дьылларга курдук харыы тахсыан сөптөөх бигэргэммит сирдэригэр үлэ ыытыаллыа. Маны сэргэ чинчийии кэннэ,  эбии икки сиргэ мууһу кэбирэтиини  былаанныыллар. Ол курдук Өлүөнэ өрүскэ Нам улууһугар Арбын аннынан итиэннэ Өлүөхүмэҕэ Кыыллааҕар эбэ чычааһыыр сиригэр.

Христофор Егоров, Өлүөнэ өрүс тардыытын ууга хаһаайыстыбатын салаатын сүрүн исписэлииһэ: "Муус устар ыйга диэри өрүс чычааһыыр сирдэригэр чинчийии үлэтин ыытыахпыт. Маны тэҥэ гидротехническэй тутуулар,  куттал суоһуур эбийиэктэрин сааскы халаан уутун хайдах аһардар бэлэмнээхтэрин бэрэбиэркэлиибит". 

Быйыл улахан болҕомто улуустар бэлэмнэригэр ууруллуо. Ол курдук биллэрэр-иһитиннэрэр систиэмэни, быстах кэмҥэ олорор пууннары, эвакуацияҕа туһаныллар тиэхиньикэни, дьиэ кыылын тутар сирдэри эрдэттэн бэлэмнээһин ыытыаллыаҕа.   

Иннокентий Андросов, СӨ Быыһыыр сулууспатын салайааччы: "Элбэх дуогабардары баттаһаммыт. Харчыбытын тыыраммыт, муниципальнай тэриллиилэри кытта бииргэ үлэлээммит халаан уутун бэлэмнээх этэҥҥэ көрсүөхтээхпит". 

Оттон быйыл сааскы муус хайдах буолуоҕун чопчу сылыктааһына кулун тутарга диэри тахсыаҕа, оттон өрүстэр хамсааһыннарын күнүнэн ыйар иһитиннэрии муус устар ортото.