Тохсунньу 27 күнэ - Ленинград блокадаттан босхоломмут күнэ
Главное
-
27 января в 14:49Инженерное дело и программирование для детей. В Якутии школьники осваивают робототехнику
-
27 января в 14:2381 годовщина снятия блокады Ленинграда. Как студенты из Якутии обороняли осаждённый город
-
27 января в 13:57Утки-кряквы, лебеди и гуси. Как зимуют перелётные птицы в Якутии
-
27 января в 13:51Томпонский район Якутии принял эстафету "Знамя Победы"
Аҕа дойду Улуу сэриитин историятыгар Ленинградтааҕы кыргыһыы сүҥкэн суолталаах, сэрии фроннарын атын да учаастактарын киирсиилэрин быһаарар дьайыылары киллэрбит, ситиһиилээх тирэҕинэн буолбут чахчынан, кэрдиис кэминэн буолар. Нева өрүс үрдүгэр турар улуу ыраахтааҕы Петр I олохтообут нуучча судаарыстыбатын форпост-куоратын - Ленинграды дьоруойдуу көмүскээһин үгүс ахсааннаах сэбиэскэй норуот кыайыыга дьулуурун, хорсун-хоодуот, эр санааланыы чаҕылхай холобурунан буолар.
Анатолий Семёнов, "Россия - мин историям" историческай парк методист үлэһитэ: "Биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит олохторун толук ууран да туран 1944 сыллаахха тохсунньу 27 күнүгэр Ленинград куораты босхолообуттара. Блокада 872 күн устата салҕаммыт".
Былырыын Ленинград блокадатын уһуллуутун үбүлүөйдээх 80 сылын бэлиэтээбиппит, оттон быйыл Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсүөхпүт. Өстөөҕүнэн төгүрүктэммит куораты фашист халабырдьарыттан көмүскээһиҥҥэ сэбиэскэй норуоттары кытта саха буойуннара дьоруойдуу кыргыспыттара. Сэрии саҕаланыытыгар Ленинград куоратын үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэ сылдьар устудьуоннар куораты бөҕөргөтүүгэ норуот ополениятын байыастара буолбуттара.
Анатолий Семёнов, "Россия - мин историям" историческай парк методист үлэһитэ: "Театральнай училищеттан эрэ буолбакка аспираннар, преподавателлар, юридическай, педагогическай институттарга үөрэнээччилэр Лениграды көмүсүүргэ күүстээх үлэни ыыппыттара".
1944 сыллаахха тохсунньу 27 күнүгэр куорат блокаданы тулуһан, Кыһыл Армия килбиэннэх кыайыыны ситиһэн Ленинград блокадата уһуллубута. Бу бэлиэ күн Дьокуускайга "Россия - мин историям" историческай паркаҕа Ленинград блокадатын 80 чахчыта диэн быыстапка аһыллыаҕа.
Анатолий Семёнов, "Россия -мин историям" историческай парк методист үлэһитэ: "Үбүлүөйдээх сылы көрсө сүрдээх интэриэһинэй быыстапка арыллыа. Ол ыар сыллары кэпсиир 80 чахчы дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруо".
Ленинград куораты босхолооһуҥҥа саха буойуттарын хорсун быһыылара Улуу Кыайыыны уһансыбыта, кинилэр ааттара историяҕа көмүс буукубанан суруллан үйэлэргэ өлбөөдүйбэт тыыннаах холобур быһыытынан хаалыа.