Кыһыҥҥы айан суолунан тиэйии-таһыы үлэтэ саҕаланна

51

Сылааска айанныыр аһылык Арктикаҕа бу курдук анал массыыналарынан тириэрдиллэр. Будка иһигэр температура наар 6 кыраадыс буолар. Онон  сүрүннээн оҕо аһа, үүт ас, кэнсиэрбэ тиэллэр. Бу сырыыга көлө Тиксиигэ айаннаары бэлэмнэнэр. Уопсайа бу улууска 110 туонна таһаҕас тиийиэҕэ.

“Тоҥуо суохтаах аһы тиэйэр анал массыына, норуокка биллэринэн тепляк, уопсайа 10 туонна таһаҕаһы батарар. Этэҥҥэ айаннаатахтарына аны биир нэдиэлэнэ бу бүгүн тиэллибит табаары Булуҥ улууһун олохтоохторо тутуохтара”, - Мария Дмитриева, корреспондент

Быйыл кыһыҥҥы суоллар кэмигэр арылланнар тохсунньу саҥатыттан саҕалаан таһаҕаһы тиэйии тэтимнээхтик барар. Хоту сир дьонун аһынан -үөлүнэн хааччыйар "Арктикатааҕы эргиэн логистика хампаанньата"  тэрилтэ уопсайа  сиринэн 5250 туоннаны тириэрдэр соруктаах. Онон тэрилтэҕэ билигин эппиэтинэстээх кэм саҕаланна. 

Гаврил Тимофеев, "Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата" тэрилтэ үлэһитэ: "Ахсынньыга диэри ас-үөл сөмөлүөтүнэн барбыта. Оттон билигин кыһыҥҥы суол кэмэ саҕаланна. Кэлэр нэдиэлэҕэ Баатаҕайга барар массыынаны тиэйиэхпит. Ити курдук улуустарынан баран иһэр".

Ыйыллыбыт кээмэйтэн күн бүгүн 350 туонна тымныыга айанныыр  уонна 80 туонна сылааска барар ас Дьокуускайтан турунна.Ол аата хоту сотору кэминэн сибиэһэй бородуукта тиийиэ. 

Алексей Шестаков, "Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата" тэрилтэ атыы-эргиэн салаатын салайааччыта: "Дуогабардаһыы үлэтин 100% бүтэрдибит. Үксэ соҕурууттан айаннаан иһэр. Аллараа Бэстээххэ баар ыскылааппытыгар күн бүгүн 60% кэллэ. Былаан быһыытынан олунньу ортото барыта кэлиэхтээх ".

Тыын суолталаах бородуукта испииһэгин сэргэ улуустар сайаапкаларынан барыахтаах таһаҕас хомуллар. Холобур, бу Баатаҕайга арыллыахтаах эргиэн-логистика киинин саппааһа билигин наарданар. Оттон табаары кэлэр нэдиэлэттэн ыытан саҕалыахтара.

Галина Румянцева, "Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата" тэрилтэ ыскылаатын сэбиэдиссэйэ: "Холобур, кинилэр син биир оҕуруот аһыгар наадыйаллар. Хаппыыста, хортуоппуй, луук, сүбүөкүлэ, моркуоп бара турар. Атын бородууктаны сайаапканан ыытабыт. Кыһыҥҥы суол сабыллыар диэри, ол эбэтэр муус устар ыйга диэри нэдиэлэҕэ 4-5 массыына тиэллэр". 

Оттон бу сылга өссө икки улууска эргиэн - логистика кииннэрэ арыллыахтара. Үлэ олунньу уонна кулун тутурга саҕаланыа.