Горнай улууһун нэһилиэктэрэ байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга хаххалыыр сиэккэлэри өрөллөр
Главное
-
23 января в 12:24В Якутии утвердили концепцию Года защитника Родины
-
23 января в 12:02294 студентам из многодетных семей Якутии компенсировали стоимость платного обучения
-
23 января в 11:49В Сунтарском районе Якутии разрабатывается концепция развития туризма
-
23 января в 11:25В Ленском районе открыли участок и увеличили грузоподъемность автозимника "Умнас"
Айталина Баишева салалталаах улуус дьахталларын сүбэтэ ааспыт сыл бүтүүтэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан хаххаланар сиэккэни өрүү бырайыагынан улуус баһылыгын грааныгар кыттан 524 тыһ. солк. тахса үпкэ тиксибитэ. Бу үбүнэн 2700 миэтирэ таҥас матырыйаала уонна 70 киилэ 4-эх илим ылыллан, улуус бары нэһилиэктэригэр уонна Бэрдьигэстээххэ хас да тэрилтэҕэ сэккэлэри өрүү бу ый онус күннэриттэн бара турар.
Алексей Аргунов, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга: «Хаххаланар сиэккэлэри өрүү улуус үрдүнэн саҕаланна. Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ кыттыһаммыт үлэ ыыта сылдьабыт. Нэһилиэкпитигэр икки сиргэ үлэ барар».
Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сынньалаҥ киинигэр сиэккэни өрүү тохсунньу 14 күнүттэн саҕаламмыта, манна уопсастыбаннай тэриллиилэр, дьахталлар сүбэлэрэ, СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ, Афанасий Осипов аатынан оскуола, оҕо искусствотын оскуолатын, сынньалаҥ киинин, ыччат агентствотын кэлэктииптэрэ уопсайа 61 киһи кыттыста.
Аграфена Васильева, Бэрдьигэстээх А. Н. Осипов аатынан оскуола алын кылааһын учуутала: «Бэрдьигэстээх орто оскуолатыттан алын кылаас учууталлара кэлэммит сиэккэ өрүүтүгэр кэлэн көмөлөһө сылдьабыт. Уолаттарблытыгар, кинилэр түргэнник кыайан-хотон эргиллэн кэллиннэр диэн, бэйэбит илиибит сылааһын ууран көмө сиэккэлэри баайа сылдьабыт. Элбэх бириэмэни ылар эбит».
Сынньалаҥ киинигэр 10 миэтирэ уһуннаах сиэккэ бу күҥҥэ өрүллэн бүтэн бэлэм буолла, оттон улуус бүттүүнэ турунан туран оҥорбут хаххаланар сиэккэлэрин барытын кэлэр олунньу ыйга СВО ыыттыллар сиригэр улуус, нэһилиэк баһылыктарын делегацията тириэрдэллэрэ былааннанар.