Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа салҕанар

36

Дьокуускай куоракка бу күннэргэ үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа ыытылла турар. Быйылгы мунньахха сүрүн кэпсэтии Саха сиригэр идэ хайысхатынан анал үөрэхтээһини сайыннарыыга туһуланар.

Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев тустаах ыйааҕар этэн сорук туруорбута. Бөдөҥ оҥорон таһаарар, бырамыысалыннас тэрилтэлэрин кытта оскуолалар, орто анал үөрэхтэр биир ситимнээхтик, ыкса үлэлэһэллэрин туһунан.

Владимир Тихонов, Жатайдааҕы техникум дириэктэрэ: «Ол соругу толорон быйыл Жатайдааҕы техникум 11 профильнай кылаастары арыйдыбыт. Фирменнай кылаастар диэн ааттыыбыт».

Бу күннэр устата үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ хас да былассаакканан үлэлиэхтэрэ, үөрэҕирии систиэмэтин сайыннарыыга туһуламмыт боппуруостары дьүүллэһиэхтэрэ.

Мунньахха хас биирдии улуустан делегациялар кэлбиттэр. Маннык киэҥ былаһааккаҕа саҥа сүүрээннэри, хайысхалары кэпсэтэргэ, уопут атастаһарга, биир ситимнээхтик үлэлииргэ кыах биэрэр диэн үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ этэллэр.

Николай Парников, Нам улууһун 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын дириэктэрэ: «Кэллиэгэлэрбитин кытта атын оскуолалары кытта тэҥҥэ алтыһаммыт инники хайысхаларбытын быһаарсыахпытын баҕарабыт. Уонна политехническэй үөрэхтээһин сайдыытыгар саҥа ханнык сүүрээннэр киириэхтэрин сөбүй диэн тула кэпсэтии буолуохтаах».

Тохсунньутааҕы мунньахха ыраах Арктикаттан, Хоту улуустартан тиийэ кэлбиттэр. Анаабырдар алтыа буолан тустаах соруктаах кэлбиттэр. Сүрүн кыһалҕалара - каадыр тиийбэтэ, ону тэҥэ оҕону сайыннарар кыах айан сыанатыттан хааччахтанар диэн этэллэр.

Николай Андреев, Анаабыр улууһун баһылыгын солбуйааччы: «Биһиэхэ саамай ыарахан ыраахпыт буолар. Оҕо сайдарыгар, онно-манна кыттарыгар ыарахан. Биир кэлиитэ-барыыта 100 тыһ. солк. кэриҥэ буолар. Уонна каадырдарбыт тиийбэттэр».

Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа салҕанар. Бырагыраама киэҥ, киирбит этиилэри, туруоруллубут соруктары мунньах түмүгүнэн дьүүллэһэн, ырытыһан, олоххо киирэр хайысхаларын торумнуохтара.