Тохсунньу ый нуорматыгар эппиэттээбэт сылаас күн-дьыл турар

50

Дьокуускайга сынньалаҥ пааркатыгар дьон кэлиитэ биллэ элбээтэ, өрөбүллэргэ өссө эбиллэр. Ким оҕолорун кыта кэлэн дьаарбайар, ким көннөрү хаамар. Киин куоракка сиэннэрин көрөн олорор эбээлэр халлаан сылааһыттан сэргэхсийэн салгын сии сылдьаллар.

Тымныылар кэннилэриттэн эмискэ сылыйда. Синоптиктар атлантическай циклон хотугулуу-арҕаанан сыыйа-баайа кэлэн салгын температууратын ититтэ диэн этэллэр. Маннык хаардаах, былыттаах күн-дьыл нэдиэлэ устата туруоҕа. Түүнүн былыттаах күҥҥэ -20-24 кыраадыска тэҥнэһиэҕэ. Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ киин уонна соҕуруу улуустарыгар сааскы сылыйыы нэдиэлэнэн эрдэлээн олохтонор буолла.

Саргылаана Никитина, Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа күнү-дьылы кэтээн көрөр салаатын салайааччы: «Хас да атлантическай циклоннар киирэн, элбэх сөҥүүлээх, сылаас күнү-дьылы аҕалыахтара. Сорох сирдэргэ аномальнай сылыйыыны аҕалыа. Киин оройуоннарга түүнүн -25-30, хаардаах түүн -19-24. Онтон арҕаа -15-20 кыраадыс».

Сылыыйыыны кытта суолга-иискэ саахал тахсыыта эбилиннэ. Киин куоракка сыл тохсунньу саҥатыттан номнуо 140 тан тахса быһылаан таҕыста, онно 20-тэн тахса оҕо.

Жанна Макарова,  СӨ суолга-иискэ сэрэхтээх буолууну хааччыйар сырдатыы үлэтин ыытар  инспиэктэрэ: «Ааспыт сылы кытта тэҥниир буоллахха быйыл оҕо кыттыылаах суол саахала элбээн турар. Сэрэтии үлэтиттэн Госавтоинспекция тохсунньу ый 17 күнүттэн олунньу ый 2 күнүгэр диэри үлэтин күүһүрдэр».

Дойду күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэрэ быйыл саас эрдэ кэлиитин сылыктыыллар. Ол курдук үгүс регионнарга, Саха сиригэр тохсунньу ыйтан салгын температурата нуорманы таһынан үрдүк буолар диэн сабаҕалыыллар.