Горнай улууһугар "Төрүт дорҕоон бэргэн ох" бырайыак үлэтин саҕалаата
Главное
-
21 января в 14:45Айсен Николаев встретился с Сергеем Прокловым - участником программы "Время героев"
-
21 января в 14:29Активное долголетие. В Якутии работают десятки кружков и программ для старшего поколения
-
21 января в 14:21В Якутии будут продолжены льготные ипотечные программы
-
21 января в 14:16Юрий Трутнев: Конкурс "Дальний Восток – Земля приключений" станет важным инструментом для развития туризма
Сэмэн Соппуруон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинин олоҥхо дьиэтэ кэнники сылларга төрүт култуураҕа, фольклорга олохтоох нэһилиэнньэни сыһыарыыга далааһыннаах үлэни ыытар, ол курдук ааспыт сылга нэһилиэктэр икки ардыларыгар фольклор курэҕэ сыл устата барбыт эбит буоллаҕына, быйыл "Төрүт дорҕоон - бэргэн ох" саҥа бырайыак олоххо киирэн саҕалаата, бу чэрчитинэн кырыымпаҕа, кыл оххо Айсен Кысылбаиков - Айыы сиэнэ уонна хомуска Юлиана Кривошапкина - Дьүрүйээнэ маастар кылаастары биэрдилэр.
Александра Алексеева, Сэмэн, Соппуруон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинин салайааччы: «"Төрүт дорҕоон бэргэн ох" диэн бу эрэгийиэннээҕи бэстибээл тэрийэр былааннаахпыт. Онно бэлэмнэнээрибит сыл саҕаланыыта дьоммутугар кыл оххо, кырыымпаҕа уонна хомуска үөрэтэр маастар-кылаастары ыҥыраммыт ыыта сылдьабыт».
Бырайыак чэрчитинэн Духуобунас киинэ Мария, Баһылай Мохначевскайдар ааттарынан музыкальнай мастарыскыайга 5 кырыымпаны уонна олохтоох маастарга Гаврил Потаповка 3 устуука кыл ох сааны сакаастаан оҥорторбут.
Айсен Кысылбаиков, Олоҥхо тыйаатырын үлэһитэ: «Горнай улууһугар үс ох саа оҥоһулунна. Маастар Гаврил Константинович үс кыл ох саа оҥордо. Саҥардыы киллэрэн, табыгастаах гынан биэрдэ».
Хомус сатабылыгар үөрэниэн баҕалаахтар эмиэ үгүстэр, маныаха аан дойдуга биллэр виртуоз-хомусчут Дьүрүйээнэ хайдах сөпкө салгыны ылан, илиини тутан хомустууру көрдөрдө, манна 2 кылаас үөрэнээччитэ Эрсан Данилов кытары баҕа өттүнэн кэлбитэ, аныгы дьон-сэргэ хомуска интириэстээҕин көрдөрөр
Юлиана Кривошапкина-Дүрүйээнэ, виртуоз-хомусчут: «Хас биирдии саха ыалын дьиэтигэр баар буоларын туһугар үлэлэһэ сылдьабын. Баҕалаах киһи элбээн киһини үөрдэр, саастарыттан тутулуга суох».
Бу курдук өбүгэ саҕаттан кэлбит, төрүт дорҕооннорбут, санааны сааһылыыр, куту-сүрү ыраастыыр, өйү-санааны уһугуннарар матыып буолан дьарыктыыр, дьарыгырар дьон көмөтүнэн аныгы кэми кытары тэҥҥэ хардыылаан иһэрэ үөрдэр.