Дьокуускайга үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа үлэтин саҕалаата

55

Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа саҕаланна. Быйылгы сүбэ мунньахха сүрүн кэпсэтиинэн оҕону иитиигэ, үөрэнээччилэри, төрөппүттэри, учууталлары кытары тэҥҥэ, биир ситимнээхтик үлэни ыытыы уонна үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ болҕомто уурдулар. 

Нюргуна Соколова, СӨ үөрэх уонна наука миниистирэ: «Үүммүт сылга сорудахтары туруордубут. Үөрэҕирии өттүгэр 14 үөрэх эбийиэгэ үлэҕэ киириэхтээх. 21 үөрэх тэрилтэтэ бэдэрээлинэй уонна эрэгийиэннээҕи бырайыак бырагыраамаларынан үптэнэн хапытаалынай өрөмүөннэниэхтээх. Уонна 432 кабинет лабаратория-мастарыскыай үөрэх кыһаларыгар арыллыахтаахтар».

Бу күннэр устата үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ хас да былаһаакканан үлэлиэхтэрэ, үөрэҕирии систиэмэтин сайыннарыыга туһуламмыт боппуруостары дьүүллэһиэхтэрэ.  

Ньургуйаана Илларионова, Амма улууһун баһылыгын солбуйааччы: «Тэтимнээх үлэ бара турар. Быйыл тутууга элбэх былааннаахпыт. Сүрүн болҕомтону Кыайыы 80 сылыгар аныыбыт, ол курдук Амма улууһугар үөрэҕириигэ бастакынан 45 тэрээһини киллэрэн турабыт».

Маны таһынан тохсунньутааҕы мунньах кэмигэр бу сыллар устата айымньылаахтык үлэлээбит учууталларга - наҕараадалары туттардылар.

Анна Николаевна Борисова үөрэх эйгэтигэр үлэлээбитэ 30-тан тахса сыл буолла. Сыралаах үлэтин сыаналаан үрдүк наҕараада туттарбыттарыгар үөрүүтүн үллэстэр.

Анна Борисова, Дьокуускайдааҕы 26-с нүөмэрдээх орто оскуола учуутала: «Өр сыллаах үлэм түмүгүнэн биэрдилэр дии саныыбын. Үлэбин олус сөбүлүүбүн, аҕам эмиэ учуутал этэ. Элбэх үөрэнээччилэрим билигин үлэһит буолан Саха сиригэр үлэлии-хамныы сылдьаллар».

Тохсунньутааҕы мунньах үс күн устата, киэҥ хабааннаахтык ыытыллара былааннанар. Бүгүн мунньах иккис күнүгэр үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ Үлэ кыбаарталыгар мустуохтара. Кэлбит делегаттары үгүс маастар-кылаастар, семинардар, сессиялар күүтэллэр, үлэ хас да былассаакканан барыаҕа.