Суол быраабылатын кэһии ыстарааба үрдээтэ
Главное
-
16 января в 11:38Крещенские купания пройдут в Якутске с 18 по 20 января
-
16 января в 11:10В Якутске состоялось открытие Чемпионата и Первенства региона по легкой атлетики для людей с ОВЗ
-
16 января в 10:44Саха учуонайдарын саҥа арыйыыта
-
16 января в 10:25В Якутске прошла пресс-конференция с участниками экспедиции "Пути великих свершений"
Күнүс 15-00 чаас саҕана Тимирязев аатынан уулуссаҕа 27 саастаах суоппар тимир көлөнү ыытан иһэн 15 саастаах оҕону үнтү көттө. Саахал түмүгүнэн оҕо араас элбэх эчэйиини, тостууну ылан балыыһаҕа киирдэ.
Жанна Макарова, : "Үһүс чиэппэр саҕаланыыта 3 оҕону түҥнэри көтүү түбэлтэтэ таҕыста. Онтон иккитэ суолу көҥүллэммэт сиринэн туораан иһэллэрэ биллибитэ. Онон сэрэтии үлэтэ күүһүрэр".
Саҥа дьыл уһун сынньалаҥнара бэйэлэрин биллэрдилэр. Бу кэм устата иниспиэктэрдэр бэлиэтииллэринэн үгүс элбэх суол саахалын кытары, аһыы утах иһэн баран уруулга олоруу түбэлтэлэрэ үксээбит. Административнай дьыалалары кытары холуобунайдар көбүтүллүбүттэр.
Владимир Ощепков, : "Бырааһынньык өрөбүллэригэр иниспиэктэрдэр 143 суоппары итирик туруктаахтарын туттулар. Бу дьонтон 18 иккистээн аһыы утаҕы иһэн баран олоро сылдьаллара билиннэ. Ону тэҥэ 287 суоппар бырааба суох ыыта сылдьан тутулуннулар".
Манна даҕатан эттэххэ, саҥа сылы көрсө суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар иниспиэксийэ үлэтигэр кэккэ уларыйыылар киирдилэр, чуолаан ыстыраап чааһыгар. 2025 сылтан сорох төлөбүр икки бүк үрдээтэ.
Жанна Макарова, : "Суол быраабылатын кэһии ыстараабар 50 % чэпчэтии көрүллэр этэ, ол билигин 25% буолла. Төлүүр күнэ 30 хонукка диэри уһаан биэрдэ. Холобур, итирик суоппар эрдэ 30 тыһ. солк. төлүүр буоллаҕына быйылгыттан 45 тыһ. солк. буолла. Маны таһынан суоппар бырааба 1,5-2 сылга быһыллар".
Оттон билигин күн-дьыл тымныйан турар, хойуу туман түһэр кэмигэр ГАИ үлэһиттэрэ суоппардары ыраах айантан туттуннаргытыгар, маныаха сырыы тэтимин, тимир көлө икки ардыларынааҕы ырааҕы тутуһарга ыҥырар.