Саха учуонайдарын саҥа арыйыыта
Главное
-
16 января в 13:41В Якутии участники СВО и члены их семей смогут участвовать в программе "Доступное арендное жилье"
-
16 января в 13:29Восстановить популяцию. В Якутии намерены увеличить поголовье бизонов
-
16 января в 13:12В Мирнинском районе задержаны двое несовершеннолетних за угон автомобиля
-
16 января в 12:51Дмитрий Лепчиков представил отчет об итогах работы министерства за 2024 год
Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун гельминтологияҕа лабораторията дьиэ сүөһүтүн уонна дьиикэй кыыллар истэригэр үөскүүр үөнү чинчийиинэн уонна кинилэр утары эми-тому таҥыынан ылсан дьарыктанар. 2013 сылаахтан лаборатория үөнү түһэриигэ эбилик ас методикатын таһааран, салгыы ол хайысханы сайыннарыыга үлэлэһэр. Биллэрин курдук, дьиэ сүөһүтүгэр, чуолаан сылгыга элбэх үөннээх. Лаборатория старшай научнай сотруднига Любовь Гаврильева 2009 сыллаахтан ыла, аспирантураҕа киириэҕиттэн, сылгы үөнүн утары охсуһууга анаан-минээн үлэлэһэр.
Любовь Гаврильева, СӨ ТХНЧИ гельминтология лабораториятын старшай научнай сотруднига: "Сылгыга ордук стронгилята үөн саамай элбэх. 40 тахса көрүҥ баар буолар. Ону таһынан сылгы бэйэтэ туһанан үөннэрдээх. Параскаридоз баар буолар".
Любовь научнай салайааччытынан, лаборатория сэбиэдиссэйэ, бэтэринээринэй наука доктора Людмила Коколова буолар. Людмила Михайловна институкка бэйэлэрин коллегалара айан таһаарбыт "Сахабактисубтил" диэн пробиотигы туһанан, сылгы, таба эбии аһылыгын таҥан оҥордубут диэн кэпсиир. Састаабыгар Сунтаар цеолита, тууһа итиэннэ лабыкта, тэллэй, эбиэс, битэмиин комплекса киирэр. Маныаха саҥа эбии ас үөнү түһэрэр булкаастаах.
Людмила Коколова, СӨ ТХНЧИ гельминтология лабораториятын сэбиэдиссэйэ, бэтэринээринэй наука доктора: "Сүөһү иһиттэн хайаан да үөнүн түһэриэхтээххин. Оччоҕо ырыганнаабакка кыстыыр. Маныаха эбилик оҥордубут. Ону уон күн устата биэрдэххэ сүөһү, сылгы, таба этэҥҥэ кыһыны туоруур".
Маныаха 4-с күнүттэн үөнү түһэрэр эми буккуйан эмтээһини кытта эбии аһаатаһын ыытыллар. Бу маннык эбилиги сыспай сиэллээххэ кыһын уонна саас биэрэр табыгастаах. Оччотугар сылгы кыстыгы туорууругар уонна саас кулуннанарыгар уопсай туруга тупсар. Лаборатория үлэһиттэрэ Мэҥэ-Хаҥалас, Хаҥалас, Сунтаар улуустарын хаһаайыстыбаларыгар үлэлэһэллэр. Салгыы Бүлүү бөлөх улуустарын кытта үлэлэһэр баҕалаахтар.
Людмила Коколова, СӨ ТХНЧИ гельминтология лабораториятын сэбиэдиссэйэ, бэтэринээринэй наука доктора: "Судаарыстыба сакааһынан оҥорор буоламмыт. Эбилик састаабын барытын бэйэбит ылабыт. Онон билигин түмүк ылар сыаллаах босхо сылгыһыттары кытта үлэлэһэбит".
Инникитин лаборатория мүөт оҥорор тигээйи, балык уонна кус үөннэрин чичнчийиитинэн дьарыктанар соруктаах.