Өймөкөөн улууһугар туризм сайдар
Главное
-
15 января в 12:455 квадроциклов "Якт-Сокол" вернули в строй механики Якутии
-
15 января в 12:14Защита прав и свободы человека. В России отмечают День образования Следственного комитета
-
15 января в 11:51В Якутии появится электронная Книга памяти сёл и муниципальных образований
-
15 января в 11:26В Якутии действует 40 ледовых переправ
Боростуой ис миинэ буолбатах, өймөкөөннүү. Ис миинигэр эрдэ хатарыллыбыт үөрэ отун куталлар. Бу эмтээх оту бэс ыйын саҕана хомуйаллар, кини ис мииниигэр ураты минньигэс амтаны биэрэр. Биһиги устар бөлөхпүтүгэр олохтоохтор үөрэ миинэ хайдах күөстэнэрин, ньыыматын көрдөрдүлэр.
Татьяна Готовцева, Өймөкөөн улууһун олохтооҕо: "Киһи доруобуйатыгар туһалаах да туһалаах үөрэ оттоох. Биһиги үөрэ миинэ диибит. Төрүт аспыт. Хайа да астааҕар минньигэс уонна иҥэмнэлээх".
Саха сылгылара. Өймөкөөннөр сылгыны өбүгэ саҕаттан иитэллэр. Тымныы полюһугар кэлбит ыалдьыт хайаан да көрүөхтээх.
Олохтоох Михаил Винокуров саха сылгытынан дьарыктаммыта ыраатта, 100-тэн тахса сылгылаах. Өймөкөөн сирэ-уота, айылҕата саха сылгыта үөскүүрүгэр, тэнийэригэр табыгыстаах диэн кэпсиир.
Михаил Винокуров, сылгыһыт: "Күн аайы манна аһаталыыбыт, онон киһиэхэ сыста үөрэнэллэр. Мин сылгыларым бары илиигэ үөрүйэхтэр, бары үүннээхтэр".
Өймөкөөҥҥө Россияттан эрэ буолбакка, аан дойдуттан барытыттан дьон күүлэйдии кэлэр. Ураты сирэ-уота, айылҕата, үрдүк хайалара, кыһыннары тоҥмот үрэхтэрэ элбэх киһи болҕомтотун тардар.
Кэнники кэмҥэ сынньанааччы ахсаана сыллата элбээн иһэр, ону тэҥэ саҥа хайысхалар эмиэ эбиллэллэр.
Түмэн Кырыарба, урбаанньыт: "Тымныы кэмҥэ сынньанары сөбүлүүр дьоҥҥо анаан дьиэ оҥордубут. Манна “Булчут ыллыга” диэн кыһыҥҥы булду билиһиннэрэр истиэндэ ыйаатыбыт. Хаартыскаҕа түһэр сир баар. Дьиэҕэ ас буһарынан хонон өрөөн ааһыахтарын сөп".
Туризм эйгэтэ сайдан, сырыы элбээн инникитин Өймөкөөҥҥө туристическэй кластер тэрийэр сорук турар.