Арчы дьиэтигэр Таҥха киэһэлэрэ

53

Таҥха Хааҥҥа сүгүрүйүү, чараас эйгэ кэпсээннэрэ, таҥха оонньуулара, айылаҕалаахтарыдыын алтыһыы бу барыта Арчы дьиэтигэр саҕаланна. Духуобунас киинин аана сабыллыбат. Дьон-норуот тохтоло суох кэлэр.

"Сандаар" түмсүү Далбар Хотуна, көрбүөччү, айылҕаттан айдарыылаах билгэһит Юлия Николаева - Намылҕа таҥха кэмигэр чарас эйгэ арылларын тоһоҕолоон этэр. Бу кэмнэргэ салгын оонньоон, айдаарылаахтар үлэлэригэр күүс эбиллэн инникини билгэлээһин сөпкө, өтө көрөллөр. Кинилэргэ онно саамай көмөлөһөччүлэрэ - эмэгэттэрэ, дэйбиир, чуораанчыктар буолаллар.

Юлия Николаева – Намылҕа, "Сандаар" түмсүү салайааччыта, айылҕаттан айдарыылаах: "Кэлбит сылбыт куһаҕана суох сыл кэллэ. Хайдах да сыл ааспытын иһин махтаныахха наада. Махтал Үрдүк Айыыларга тиийэн бэйэҕэр эбэтэр оҕолорго үтүөнэн дьайар. Онон наар махтана сылдьахха наада".

Аан дойдуну анаарыыны кытары, биирдиилэн дьону кытары үлэ манна тохтоло суох ааһар. Онно Арчы дьиэтэ туох баар усулуобуйаны барытын тэрийбит.

Любовь Константинова, "Арчы дьиэтэ"  духуобунай киин уус-уран салайааччыта: "Тохсунньу 13-19 күннэригэр күнүс 3 чаастан киэһэ 9 чааска диэри дьону түмэр. Буоларын курдук, Таҥха Хааҥҥа сүгүрүйүү 5 чаастан буолар. Салгыы сэһэнньиттэр түһүлгэлэрэ ыытыллар".

Пётр Кычкин - Сайылык Бүөтүр, "Арчы дьиэтэ" духуобунай киин фольклор салаатын исписэлииһэ: "Чараас эйгэ” сэһэннэрэ диэн Арчы дьиэтигэр бырыыҥҥыттан үлэлиир бырайыак. Манна туспа эйгэлээх дьоннор кэпсииллэр".

Бу курдук таайтарыылаах таҥха кэмнэрэ тохсунньу 19 күнүгэр диэри ыытыллыахтара. Билгэ Хаан ыйааҕын билиэх тустаах дьоннору Арчылар көһүтэллэр.