20 саҥа национальнай бырайыак олоххо киириэҕэ
Главное
-
15 января в 12:14Защита прав и свободы человека. В России отмечают День образования Следственного комитета
-
15 января в 11:51В Якутии появится электронная Книга памяти сёл и муниципальных образований
-
15 января в 11:26В Якутии действует 40 ледовых переправ
-
15 января в 11:02В Якутске откроется выставка, посвященная снятию блокады Ленинграда и Международному Дню памяти жертв Холокоста
2025 сылга нэһилиэнньэлээх пууннар уулуссаларарын, нэһилиэктэри икки ардыларыгар баар суоллары өрөмүөннүүргэ хаһан да көрүллүбэтэх элбэх үп-харчы, 2 млрд солкуобайтан тахса харчы көрүллэрэ былааннанна. Маныаха суолу-ииһи оҥоруу барыла "Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара" нацбырайыак "Олоххо-дьаһахха аналлаах инфраструктура" диэн ааттанан үлэтин салгыаҕа. Бу барыл чэрчитинэн, 5 млрд солкуобай тыырыллан Саха сиригэр быйыл уопсайа 130 км усталаах суол өрөмүөннэнэрэ күүтүллэр.
Анатолий Потапов, СӨ транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы: "Дьокуускай куораты уонна түөрт улууһу хабан үлэлиэхпит. Итиннэ Алдан, Нерюнгри, Мииринэй, Ленскэй куораттарыгар. Ол аата 20 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх куораттар национальнай бырайыак чэрчитинэн суоллара нуормаҕа эппиэттииллэригэр үлэлэһиэхпит".
Ол курдук дойду үрдүнэн 2025-2028 сылларга "Инфраструктура для жизни" диэн саҥа национальнай бырайыак иитинэн үлэ сүрүннэнэн барыаҕа. Саҥа сүүрээҥҥэ этиллибитин курдук, Алдан, Нерюнгри, Мирнэй, Ленскэй куораттара хабыллыахтара. Чуолаан регионнааҕы уонна 20 тыһыынча нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэр истэригэр баар суоллары оҥоруохтара. Маны тэҥэ ааспыт сылга хоту, чуолаан арктическай улуустарга суолу-ииһи оҥоруу көхтөөхтүк саҕаламмыта. Ол курдук Абый улууһун киинигэр суоллары өрөмүөннүөхтэрэ, маннык хайысхалаах үлэ салаҕанан барыаҕа. Арктика суоллара тэрилтэ учаастактарынан кыһыҥҥы суоллары оҥорууну, муосталары тутууну, техосмотр ыытыытын тэрийэр.
Сергей Сивцев, "Дороги Арктики" тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: "Дьааҥы улууһугар уһун больдьоххо үлэлиэхтээх кыһыҥҥы суолбут оҥоруутугар алта улахан тиэхиньикэ, алта болуок ылылынна уонна тиэрдилиннэ. Маны таһынан бу суолу оҥорууга бырайыактары оҥорууну түмүктээтибит. Билигин карьердарбытын докумуоннуу сылдьабыт".
Онон быйыл этиллибитин курдук чуолаан олохтоох суоллары оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ киин болҕомтону ууруохтара.Амма суолун аспааллааһын салҕаныаҕа, ааспыт сылга 17 км учаастакка аспаал уурубуттара, быйыл 15 км эбии оҥорон биэриэхтэрэ.
"Маны тэҥэ быйыл Дьокуускайга уопсайа 16 км суол өрөмүөннэниэҕэ. Саамай уустук эбийиэгинэн Советскай Армия 50 сыла уулусса оҥоһуута буолара күүтүллэр. Бу суол үйэтигэр аан бастакытын оҥоһуллан Кальвицаттан Бабушкинаҕа диэри кэҥээн 4 балаһалаах буолара былааннанар", - Татьяна Николаева, корреспондент.
2019 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн "Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара" нацбырайыак чэрчитинэн үлэ сүрүннэммитэ. 6 сыл устата Саха сирин үрдүнэн уопсайа 1235 км усталаах суол нормативка эппиэттир гына өрөмүөннэннэ, манна барытыгар 45 миллиартан тахса үп көрүллүбүтэ.