Саха сиригэр Бэчээт күнүн бэлиэтээтилэр
Главное
-
14 января в 14:36В Якутии завершился шестой экстремальный забег "Полюс холода Оймякон"
-
14 января в 14:17Дария Слепцова: Якутия лидирует по внедрению суперсервиса "Рождение ребенка" в ДФО
-
14 января в 13:55Более 8 млн рублей похитили мошенники у жителей Якутии с начала 2025 года
-
14 января в 13:21В Якутске производят отлов бродячих собак в усиленном режиме
Олоҕун 40 сылын бэчээккэ анаабыт, сытыы бөрүөлээх, Өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Матрена Кондратьева суруналыыстыкаҕа саамай чыпчаал наҕарааданы "Саха сирин үтүөлээх суруналыыһа" бэлиэни тутта. Бу наҕараада күүстээх эрэдээксийэбит үлэтин түмүгэ диэн үөрүүтүн үллэстэр.
Матрёна Кондратьева, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, "Саха сирэ" хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ: «Аҕабар махтанабын. Кини миэхэ бастакы кылааска “Бэлэм буол” хаһыаты бэлэхтээбитэ, журналистика диэн профессия баар эбит диэн билбитим. Онтон Тамара Корякина диэн биллэр суруналыыс миэхэ 18 сааспар уруучука бэлэхтээбитэ. Оччолорго улаханнык сыаналаабатах буоллахпына, билигин ити барыта бэлиэ эбит».
Күн бэҕэһээ Саха сирин үрдүнэн Арассыйа Бэчээтин күнүн биир идэлээхтэрбит бэлиэтээтилэр. Бастыҥнар билинниллэр, саамай үлэһиттэр үлэлэрин түмүгэ сыаналанна.
Ньургуйаана Стручкова, "Саха печать" генеральнай дириэктэрэ: «Кэлэктиибим үлэтин, сыратын сыаналааһына диэн ааҕабын. Биһиги “Саха бэчээккэ” 400-кэ суруналыыс үлэлиир, 39 хаһыат тахсар хас улуус аайы, социальнай ситимнэргэ баарбыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи сурунааллары таһаарабыт».
Бу бэлиэ күн биһиги ГТРК “Саха” хампаанньаабыт ыытааччыта, Ил Дархан “Айсен Николаевтын бииргэ” диэн бырайыак ааптара Анна Ярыгина "Сыл бастыҥ телебырайыага" лауреат үрдүк аатын тутта.
Анна Ярыгина, ГТРК "Саха" хампаанньа ыытааччыта: «Очень радостно мне и, конечно же, всему нашему коллективу, который работал над этим проектом. Работали уже больше года. Это интересная работа, так как мы стараемся показывать закулисье в работе первого лица Якутии, о жизни самого большого региона страны. Показываем необычные моменты, то, что остается за кадром. Порой удивляемся сами, порой удивляем зрителей. Мне кажется, что это сегодня очень важно — приоткрывать новые грани в журналистике, тем более телевизионной».
Суруналыыстарга өссө биир таһаарылаах үлэ дьыла тосхойдо. Биир идэлээхтэрбитигэр бу сылга үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри, үрдэллэри баҕарабыт.