Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр баһаары сэрэтэр аахсыйа түмүктэннэ

72

Баһаар тахсар түгэнигэр, аан бастаан уоту умулларар тэрил хайдах туттулуохтааҕын үөрэтии - аахсыйа саҕаланыытыгар ыытылынна. Тулагы-Киллэм 7 нүөмэрдээх баһаарынай чааһын салайааччыта Виктор Колесов бу оборуудабанньаны хайдах туттары дьиэ хаһаайкатыгар үөрэттэ.

Ахсынньы 24 күнүттэн тустаах нэһилиэккэ "Огнетушитель хас биирдии дьиэҕэ" диэн ааттаах аахсыйа ыытыллан саҕаламмыта. Профилактическай тэрээһин анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр уонна элбэх оҕолоох ыалы хабан ыытыллынна.

Евдокия Данилова, Тулагы-Киллэм нэһилиэгин олохтооҕо: «Биһиги аҕабыт СВОҕа сылдьар. Тулагы баһаарынай чааспыт үөрэтии бөҕөтүн ыыттылар. Огнетушителым суох этэ. Бу аахсыйанан бэлэхтээтилэр уонна хайдах туһанары үөрэттилэр».

Баһаар тахсар кэмигэр, биллэн туран аан бастакынан дьон бэйэлэрин кыахтарынан умулларарга күһэлэллэр. Итинник түгэҥҥэ саамай сөптөөх суол- огнетушители туттуу буолар. Онон бу аахсыйа кыттыылаахтарыгар бу күн бу оборуудабанньа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна.

Раиса Никонова, Тулагы-Киллэм нэһилиэгин олохтооҕо: «Маннык аахсыйа ыытыллара наһаа үчүгэй. Тулагы баһаарынай чааһыгар улахан махтал. Бараһынньыктарынан барыларын эҕэрдэлиибит».

Маны таһынан бу күн бүтүн нэһилиэги хабан профилактическай үлэ ыытыллынна. Баһаарынай чаас байыастара массыналарынан сылдьан олохтоох нэһилиэнньэни хабан, профилактическай иһитиннэриилэрин саҥардылар. Маныаха ыалларга сылдьан баһаары утары сэрэтии үлэлэрин ыыттыллар. Огнетушитель суолталааҕын кэпсээтилэр.

Виктор Колесов, Тулагы-Киллэм нэһилиэгин 7-с №-дээх баһаарынай чааһын салайааччыта: «Баһаарга бастакы туттар тэрил диэн. Дьоннор сэргээтилэр. Бэйэлэрэ да атыылаһыах курдуктар, сыаната удамыр – 700 солк. Хас чааһынай дьиэлээх ыал аайы баар буолуон наада».

Оттон бу аахсыйаны тэрийиигэ олохтоох урбаанньыттар, партиялар улахан төһүү буоллуллар. Баһаары умулларар оборуудабанньаны кытары минньигэс бэлэхтэр туттарыллыннылар.