Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр 3 саҥа олорор дьиэ тутуллан киирдэ

62

Аалай лиэнтэ быһыллан, алгыс баһа сыаланан саҥа дьиэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Үс дьиэ тэҥинэн үлэҕэ киирэннэр арыйыы сиэрэ-туома тымныыны ахсарбакка таһырдьа ыытылынна. Биир бастакынан дьиэ күлүүһүн эдэр ыал Юмшановтар туттулар. Кэрэчээнэ уонна Дьулус иккиэн Бөртө хаһаайыстыба тутаах үлэһиттэрэ, эдэр исписэлиистэр. Үөрэхтэрин бүтэрэн бу 2-с Малдьаҕар нэһилиэгэр олохсуйа кэлбиттэр.

Дьулус, Кэрэчээнэ Юмшановтар: «Дьиэбит сылаас, барыта баар, киһи үөрэр. Улахан дьиэ, бастаан итэҕэйбэтэхпит».

Саҥа дьиэлэргэ барыларыгар Бөртө хаһаайыстыба үлэһиттэрэ олорор буолуохтара. Нэһилиэк дьаһалтата, хаһаайыстыба салайааччыта, исписэлиистэр сүүрэн-көтөн бу аан бастакытын Бөртөлөр үлэһиттэригэр анаан олорор усулуобуйа олохтонно. Даҕатан эттэххэ, бу бөдөҥ хаһаайыстыбаҕа 100-тэн тахса киһи үлэлиир-хамныыр, үксүлэрэ кэлии эдэр исписэлиистэр, онон олорор дьиэнэн хааччыйыы уустук кыһалҕа буола сылдьыбыта. 

Александр Павлов, ООО "Бөртө" сылгы собуотун дириэктэрэ: «Эдэр дьоннору ыла сатыыбыт. Ол иһин кэлии дьоннор кэлэ тураллар. Үлэлиэн баҕалаах элбэх».

Оттон тустаах дьиэлэр "Комплексное развитие сельских территорий" диэн федеральнай бырагыраамманан олоххо киирдилэр. 10 млн үбүлээһин көрүллүбүт, маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай бүддьүөттэн эбии харчы тыырыллан итиэннэ хаһаайыстыба бэйэтэ эмиэ кыттыһан бүтүннүү хааччыллыылаах дьиэлэри хаһаайыттарга туттардылар.

Александр Алексеев, 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга: «Биһиги пилотнай бырайыагынан 3 дьиэ туттардыбыт ».

Онон араас федеральнай, олохтоох бырагырааммалар көмөлөрүнэн тыа сирэ сайдар кэскиллээх. Оттон олорор усулуобуйа баар буоллаҕына үлэлии кэлээччи да элбээн, тыа хаһаайыстыбата сайдар кэскиллээх.