Тыраанспар уонна суол-иис хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сыллааҕы түмүгүн таһаарда
Главное
-
25 декабря в 15:05Более одного миллиарда рублей похитили дистанционные мошенники у жителей Якутии в 2024 году
-
25 декабря в 14:21Аномальное тепло. Декабрь 2024 года войдет в пятерку самых теплых в Якутии за всю историю
-
25 декабря в 13:35В Якутии завершается Год семьи и детства
-
25 декабря в 13:35В Якутске утвердили городской бюджет на 2025 год и плановый период 2026-2027 годов
Тыраанспар уонна суол-иис хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бу сылы түмүктүүр мунньаҕар сиринэн, уунан, халлаанынан айанныыр тыраанспар көрүҥүн сүрүн тэрилтэлэрин салайааччылара кытыннылар. Үүнэр 2025 сылтан чуолаан олохтоох суоллары оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ киин болҕомтону ууруохтара.
Анатолий Потапов, СӨ транспорт миниистирин бастакы солбуйааччы: «Билигин “Инфраструктура для жизни” диэн бырайыак чэрчитинэн үлэлиэхпит».
Ол курдук 2025-2028 сылларга "Инфраструктура для жизни" диэн саҥа национальнай бырайыак иитинэн үлэ сүрүннэнэн барыаҕа. Саҥа сүүрээҥҥэ Алдан, Нерюнгри, Мирнэй, Ленскэй куораттара хабыллыахтара. Чуолаан регионнааҕы уонна 20 тыһыынча нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэр истэригэр баар суоллары оҥоруохтара. Этиллибитин курдук хоту улуустарга суолу-ииһи көрүү-истии биир тыын суолталаах хайысха. Маныаха Арктика суоллара тэрилтэ учаастактарынан кыһыҥҥы суоллары оҥорууну, муосталары тутууну, техосмотр ыытыытын тэрийэр.
Сергей Сивцев, "Дороги Арктики" тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: «2024-25 кыһыҥҥы суолу оҥорууга билигин 5600 км. суолу арыйдыбыт. 8 хотугу улууска суол арылынна. Сыл бүтүөр дылы өссө хас да суолу арыйыахтаахпыт».
Мунньахха кэлэр сылга сүрүн соруктарынан Өлүөнэ муостатын салгыы тутуу, кэккэ аэропортары, авиахампаанньалар сөмөлүөттэрин саҥардыы, итиэннэ Жатайдааҕы суудуналары тутар, өрөмүөннүүр собуоту үлэҕэ киллэрии буолар. Бу ураты комплекс тутуута 85 бырыһыан бэлэм.
Влад Пермяков, "Жатайская судоверфь" АО генеральнай дириэктэрэ: «Эһиил бастакы кыбаарталга номнуо суудуна тутуутун саҕалыахпытын баҕарабыт. Сыах үлэтэ 95% бүтэн турар, ол таһынан оборудованиебыт кэллэ».
2019 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн "Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара" нацбырайыак чэрчитинэн үлэ сүрүннэммитэ. 6 сыл устата Саха сирин үрдүнэн уопсайа 1235 км усталаах суол нарматыыпка эппиэттир гына өрөмүөннэннэ, манна барытыгар 45 млрд тахса үп көрүллүбүтэ. Аҥардас быйыл 400 км. суол, 5 муоста тутуллан үлэҕэ киирдэ, Өлүөнэ муостатын тутуу саҕаланна.