Кэбээйи улуустааҕы балыыһата 3500 тахса нэһилиэнньэни хабан үлэлиир
Главное
-
18 декабря в 12:366 территорий развития местного производства создано в Якутии с 2023 года
-
18 декабря в 12:12В Якутии предприятия ЖКХ и энергетики перейдут на режим повышенной готовности в праздники
-
18 декабря в 12:03Бойцам СВО из Якутии доставляют продуктовые наборы к Новому году
-
18 декабря в 11:48В Якутии открыты два новых семейных многофункциональных центра
Хас биирдии киһиэхэ "Кыһамньылаахтык сыһыаннаһан үлэлээһин" диэн санаанан салайтаран Кэбээйитээҕи врачебнай амбулатория ыалдьыбыт дьонун эмтиир. Оттон чахчы манна үтүөрэн, доруобуйатын туругун тупсарбыт дьон үгүс.
Андрей Дьяконов, Кэбээйи нэһилиэгин олохтооҕо: «Мин манна эмтэнэ сытабын, көрөллөрө-истэллэрэ, аһылык үчүгэй».
Мария Сметанина аатын сүгэр тустаах эбийиэк 2008 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Билигин 3500 тахса нэһилиэнньэни хабан үлэлиир. Ол курдук, таһынааҕы нэһилиэктэр: Тыайа, Чагда, Лүксүгүн, Мастаах уонна Арыттаах олохтоохторо манна хабыллан көрдөрөллөр.
Быйыл балыыһа историятыгар биир бэлиэ түгэн тосхойдо. Кэбээйи улууһун доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр анаммыт улахан кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Манна улууска доруобуйа харыстабыла хайдах сайдан испитэ барыта арылхайдык суруллубут. Бу кинигэни 2019 -2022 сыллаахха кылаабынай бырааһынан үлэлии сылдьыбыт Иван Оконешников таһааттарарга сүҥкэн кылаатын киллэрбит.
Любовь Стручкова, Кэбээйитээҕи врачебнай амбулатория терапевт - бырааһа, СӨ, РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна: «Бу очеркабыт ааптара Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх бырааһа, ССРС доруобуйа харыстабылын туйгуна – Матрена Николавна Терехова. Кини аатын биһиги Кэбээйитээҕи киин балыаһабыт сүгэр».
Балыыһа нэһилиэнньэ туох даэҥкилэ суох медицинскэй көмөнү ыларыгар туруулаһар. Ол иһин араас судаарсытабаннай бырагырааммаларга сигэнэн үлэлиир. Онтон биирдэстэрэ "Земскай быраас" буолар.
Зинаида Полятинская, Кэбээйитээҕи врачебнай амбулатория сэбиэдиссэйэ, СӨ, РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна: «Земскай докторынан биһиэхэ элбэх быраастар кэлэн үлэлээтилэр».
Бу курдук, тыа сиригэр нэһилиэнньэ олоҕун тупсарарга үлэ былаан быһыытынан бара турар.