Горнай улуус Бэрдьигэстээҕэр "Хаарчаана Куо-2024" куонкурус буолан ааста
Главное
-
18 декабря в 12:52Якутяне могут выиграть 3 миллиона рублей в конкурсе "Дальний Восток — Земля приключений"
-
18 декабря в 12:366 территорий развития местного производства создано в Якутии с 2023 года
-
18 декабря в 12:12В Якутии предприятия ЖКХ и энергетики перейдут на режим повышенной готовности в праздники
-
18 декабря в 12:03Бойцам СВО из Якутии доставляют продуктовые наборы к Новому году
Сыанаҕа биир-биир кырачаан хаарчааналар хаамсаллар. Хас биирдии кыттааччы уобараһа ураты уонна истиҥ. Саха норуотугар Хаарчаана уобараһын айбыт худуоһунньук-модельер Августина Филиппова дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдэээлэ. Хас биирдии уобараһы сыныйан көрдө.
Августина Филиппова, худуоһунньук-модельер: «Бастакы хаарчаана Бэрдьигэстээххэ мин этим. 1957 сыллаахха этэ. Оччолорго маҥнайгы кылаас оҕото этим. Бэйэбэр таҥас тигэн турардаахпын».
Быйылгы тэрээһиҥҥэ улуус нэһилиэктэриттэн ону таһынан Хаҥалас улууһуттан 11 кыыс кыттыыны ылла. Күрэстэһээччилэр уопсайа 4 түһүмэҕи аастылар маҥнайгы түһүмэх “Мин хаарчаанабын” диэн бэйэни билиһиннэрии, ол кэннэ “Авангард”, дьоҕур түһүмэҕэ уонна түмүктүүр түһүмэх хаарчаана уобараһа буолла. .
София Куприянова, күрэс кыттааччыта: «Таҥаспын ийэм уонна эдьиийим тикпиттэрэ. Үҥкүүбүн кулууп үлэһиттэрэ бэлэмнээбиттэрэ».
Эвелина Попова, күрэс кыттааччыта: «Таҥаспын аймахтарым буолан эбэлээх ийэм тикпиттэрэ».
Кыттыбыт кыргыттар бары анал ааттары сүктүлэр, оттон Августина Филиппова тус бирииһин Эвелина Попова ылла, куйаар ситимин нөҥүө куоластааһыҥҥа бастаабыт көрөөччү биһирэбилэ аат София Куприяноваҕа тигистэ. Күрэс уопсай түмүгүнэн 3 миэстэни Лилияна Прокопьева ылла. 2 миэстэҕэ Аня Саввина таҕыста. Онтон саамай муҥутуур кыайыылааҕынан “Хаарчаана-Куо 2024” аат хаһаайкатынан Сардаана Павлова буолла.
Сардаана Павлова, "Хаарчаана Куо-2024" күрэс кыайыылааҕа: «Үчүгэй баҕайытык ааста».
Хас сыл ахсын куонкурус таһыма үрдүүр. Кыттааччы ахсаана элбиир. Инникитин өрөспүүбүлүкэ да таһымыгар таһаардахха куһаҕана суох буолуо дэһэллэр олохтоохтор.