Олоҥхо нууччалыы тылынан
Главное
-
16 декабря в 14:29По итогам пожароопасного сезона будут поощрены шесть районов Якутии
-
16 декабря в 14:18Киокусинкай в школу. В Якутском городском лицее открыли модульный спортивный зал
-
16 декабря в 13:54Ключи от новых автомобилей LADA Granta вручили пострадавшим на производстве якутянам
-
16 декабря в 13:35Крытый каток и пристрой к зданию лицея. В Якутске введут два крупных объекта до конца этого года
Нууччалыы тыллаах оҕолорго анаан "Олонхо звучит по-русски" диэн саҥа кинигэ-альбом бэчээттэнэн таҕыста. Бу таһаарыыга тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай оскуолаларын иитиллэччилэрэ бэйэлэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ол курдук оскуола 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ балтараа сыл устата кумааҕыттан айымньылары кырыйар талааннаах маастарга Тайаана Никифороваҕа үөрэммиттэр.
Тайаана Никифорова, национальнай библиотека оҕо, ыччат ааҕар киинин сүрүннүүр библиотекарь үлэһитэ: "Нуучча тыллаах оҕолор тиэкиһи кытта үлэлээннэр, өйдөөннөр, ырытаммыт кырыйыы оҥордулар. Ол түмүгэр үчүгэй үлэ таҕыста".
Кинигэ сүрэхтэниитигэр оскуола иитиллээччилэрэ, оҕо-ыччат ааҕар киинин ааҕааччылара, үлэһиттэрэ кытыннылар. "Олонхо звучит по-русски" кинигэ-альбомугар олонхо сүрүн ис хоһооно: Айыылар, Орто Дойду олохтоохторо, абааһылар тустарынан ойууланар. Кинигэ-альбом аныгы кэм ирдэбилинэн оҕоҕо интэриэһинэй буоллун диэн куйаар кодтаах, ол сигэнэн хартыыналар тыыннанан саҥараллар, хамсыыллар.
Оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ Надя Бадалова олонхо тылын нууччалыы ааҕан саҥарта. Үлэлииргэ бэрт интэриэһинэй этэ уонна саҥа кинигэни хас биирдии оҕо сэргиэ диэн эрэнэр.
Надя Бадалова, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор СӨ коррекционнай оскуола-интернатын иитиллээччитэ: "Айар үлэ умсулҕанын биллибит, олус көрдөөхтүк үлэлээтибит. Олоҥхону олус сөбүлээтим. Олус үчүгэй уобарастар бааллар".
Социальнай бырайыак доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору айар үлэҕэ сыһыарыыга, кинилэри сайыннарыыга туһалаах буолла. Бырайыакка оскуола изо уонна черчение учуутала Татьяна Романова кыттыһан үлэлэстэ.
Татьяна Романова, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор СӨ коррекционнай оскуола-интернатын учуутала: "Бастаан кырыйалларыгар ыарахан этэ. Онтон кэнники үлэлэргэ бэйэлэрин көрүүлэрин эбэннэр, өҥнөөх гынаннар тупсан киирэн барбыттара. Ону тэҥэ сыһыарыыны, өҥнөөх харандаастары туһаммыттара".
Кинигэ-альбом хас биирдии оҕоҕо олонхо ис хоһоонун билэригэр, олонхоҕо да,олоххо даҕаны сырдык күүс хараҥаны кыайарын туһунан өйдөбүллээх улаатарыгар көмөлөөх буолуоҕа.