Үүнэр көлүөнэтин тыйаатыра "Майаҕатта Бэрт Хара" испэктээкили бэлэмниир

53

Номоххо киирбит, саха боотура Майаҕатта Бэрт Хара туһунан испэктээкили дьон өссө көрө илик. Бу испэктээкили режиссер Александр Титигиров туруоруон баҕарбытта ыраатта. Быйыл сайын анаан-минээн Майаҕатта Бэрт Хара дойдутугар Уус Алдан улууһугар биир нэдиэлэ устата экспедицияҕа сылдьыбыттар. Экспедиция кэмигэр кыраайы үөрэтээччилэри, историктары кытта көрсөн, кэпсэтэн элбэҕи саҥаны биллим диэн этэр.

Александр Титигиров, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн режиссёра, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ: «Уус Алдан улахан алаастарынан, Майаҕатта бэйэтин дойдутугар хонон көҥүл ылан кэллим».

Ипсиктээкилгэ сүрүн оруолу Майаҕатта Бэрт Хара оруолун эдэр кэскиллээх артыыс Георгий Бессонов толорор. Айылҕаттан айдарыылаах, күүстээх, саха дьин боотурун толорор буолан бэйэбэр олус эппиэтнэстээх диэн кэпсиир.

Георгий Бессонов, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа: «Маннык улахан киһини оонньуурга ыарахаттардаах соҕус. Төһө кыалларынан үчүгэйдик оҥоро сатыахпыт. Бу үлүгэр эппиэтинэстээх оруолу киһи сөбүлээн ылар».

Үүнэр көлүөнэ тыйаатарын иһинэн үлэлиир Үктэн оҕо студиятын иитиллээччилэрэ бу испиктээкилгэ бэйэлэрин эмиэ холонон көрүөхтэрэ. Тимур Максимов уонна Олег Аргунов улахан сыанаҕа, биллэр артыыстары кытта аан бастакы оонньууллар, онон долгуйаллара угус.

Историческэй ураты испиктээкил ахсынньы 18, 19 куннэригэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатарын сыанатыгар туруоҕа.