Горнайга от тиийбэт буолан уустук кыстык

50

"Сир" бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Петр Данилов кыстыкка этэҥҥэ киирэн, билигин күннээҕи ыамын, хороҕор муостаахтарын аһатар түбүгэр сылдьар. Кини хаһаайыстыбата бу Ааһыма нэһилиэгэр биир тарбахха баттанар улахан хаһаайыстыба буолар. Хотоно да үлэлииргэ табыгастаах, усулуобуйа барыта тэриллибит.

«Бааһынай хаһаайыстыбаҕа 270 төбө кыстаан турар. Маны таһынан 70 сыспай сиэллээҕи тутар», - Анастасия Добрянцева, корреспондент.

Тустаах  бааһынай хаһаайыстыба, улууска биир саамай өр үлэлээбит, үрдүк көрдөрүүлээх хаһаайыстыба буолар. Өссө 1993 сыллаахха тэриллэн, күн бүгүҥҥээҥэ диэри быр-бааччы үлэлии олорор.

Бу үтүмэн хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи кыстатарга, биллэн туран, элбэх от наада. Оттон быйыл сайын курааннаан, от аанньа үүммэккэ, билигин хаһаайыстыба сүрүн кыһалаҕата сүөһү аһылыга буолар.

Пётр Данилов, "Сир" бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта: “Быйыл сирбит кыайан үүммэккэ оппут кэмчи. Сенажпыт эмиэ үүммэтэҕэ. Онон билигин от эрэ сии тураллар. Өрүс уҥуор 150 туонна от оттообуппут, ону тиэйиэхпитин наада. Ону таһынан 200 туоннаны атыыластахпытына эрэ кыстыыбыт”.

Горнай улууһун Ааһымата оройуон иһинэн тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанар нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ буолар. Күн бүгүн тустаах нэһилиэккэ 25 бааһынай уонна 21 кэтэх хаһаайыстыбалар бааллар. Билиҥҥи кыһалҕа эмиэ от тиийбэтигэр туһуланар.

Саргылана Аргунова, "Кировскай нэһилэк" МТ баһылыгын солбуйааччы:  «Хоточчу диэн сиргэ баһылык уонна тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ от баран көрбүттэрэ. Итиэннэ дуогабар түһэрсэргэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Оттон “Сир” хаһаайыстыба эрдэ дуогабардаспыт сириттэн атыылаһыахтаах. Кировскай нэһилиэгэр билиҥҥи туругунан 637 ынах сүөһү, 600-чэкэ сылгы кыстаан турар» .

Оттон манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 178 тыһ. хороҕор муостаах уонна 226 тыһ. сыспай сиэллээх кыстыкка киирдилэр.